«Айыы Кыһата» 7-с кылааhын үөрэнээччитэ Сандаара Апросимова Варшаваҕа Европа эдэр ыччатын аан дойдутааҕы дуобат чемпионатыгар ситиһиилээхтик кытынна. Кини классическай программаҕа уонна блицка бэйэтин саастыылаахтарыгар 1-кы миэстэ буолла. Оттон түргэн программаҕа 3-с миэстэни ылла.
Саха оҕолоро дуобакка үчүгэйдик оонньууллар. Бу көрүҥ атын интеллектуальнай оонньуулартан сүрүн уратыта — түргэн толкуй уонна булугас өй дьүөрэлэһиитэ.
«Айыы кыһатын» үөрэнээччитэ Сандаара Апросимова интеллектуальнай спорт бу көрүҥүнэн бастакы кылаастан үлүһүйэр. Кыысчаан дуобакка ис иһиттэн баҕаран туран дьарыктанар. Бастаан Оҕо Дыбарыаһын иһинэн куруһуокка сылдьыбыта. Онно тренера Айаал Саввинов этэ. Онтон иккис сылыттан өрөспүүбүлүкэтээҕи саахымат, дуобат киинигэр көһөн, билигин Иван Павлов дьарыктыыр.
Бэйэ инф.