Тохсунньу 9 кунугэр «Инникигэ хардыы» диэн научнай-практическай конференция буолан ааста. Мин санаабар, бу конференция олус туһалаах уонна элбэххэ үөрэтэр. Холобур: кыбыстыбакка саҥарарга, бэйэҥ санааҕын этэргэ, кириитикэни ылынарга уонна атын оҕолортон үөрэнэргэ, уопут ыларга үөрэтэр. Мин бэйэм кыттыбыт буоламмын олус диэн сэргээтим. Бу конференцияҕа оҕо бэйэтин көрдөрөр. Ол курдук, экспертэр барытын үчүгэйдик быһаараллар, туохха сыыһалааххын, тугу көннөрүөхтээххин, ханна сөп хайысханы тутуспуккун. Кыттааччылар бары наһаа үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэр, син биир долгуйааһын баара буолуо, ол гынан баран онно наадыйбаккалар эрэ үчүгэйдик кэпсээтилэр. Салайааччылар, мин санаабар, оҕо туһугар олус диэн долгуйбуттара буолуо.
Дая Неустроева, «Кэскил» эдэр кэрэспэндьиэнэ, Томпо, Кириэс-Халдьаайы, 11 кылаас үөрэнээччитэ
Мин дакылаатым аата «Динамика протаивание верхней части вечной мерзлоты в различных условиях в окрестностях села Крест-Хальджай» диэн. Бэйэм маннык кэмпириэнсийэҕэ иккис сылын кыттабын.
Ирбэт тоҥмут ириитин чинчийэн көрөргө икки былаһаакканы талбыппыт: үүнэн турар уонна уокка умайбыт сирдэри. Үүнэн чэлгийэ турар сирбит 95 см, оттон баһаар турбут сирэ 140 см ириэһиннээх буолбута. Онон уот ирбэт тоҥу 45 см уулларбыт диэн түмүккэ былырыын кэлбиппит. Оттон быйыл умайбыт сири туруору дьөлө хаһан, сирбит эбии 3 см дириҥҥэ ириэрбитин билбиппит. Ол аата икки сыл анараа өттүнээҕи уот содула син биир ирбэт тоҥу ириэрэ сытар эбит. Бу үөрэтэ сылдьан, аны хас сылынан бу ирбит сирбитигэр төттөрү тоҥуу, тымныйыы хаамыыта хас сыл барыан интэриэһиргээбиппит.
Нестор Константинов, «Кэскил» эдэр кэрэспэндьиэнэ, Томпо, Кириэс-Халдьаайы, 9 кылаас үөрэнээччитэ