Амма улууһун Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатыгар алын кылаас кылаастар учууталларыгар улуустааҕы «Олоҥхо ыллыгынан» лаборатория үлэтин сүнньүнэн семинар ыытылынна. Барыта алта оскуолаттан 20 учуутал, 23 оҕо, 5 төрөппүт кыттынна.
Бу тэрээһин Олоҥхо декадатын, 2024 с. Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтин чэрчитинэн, ону таһынан Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылыгар, Амма улууһугар историческай нэһилиэстибэ уонна патриотизм сылын чэрчитинэн, үгэс буолбут Амма улууһун оскуолаларын көһө сылдьар «Айыы намыһын ырыаһыттар» педагогическай бырайыакка тирэҕирэн ыытылынна.
Оскуолабыт дириэктэрэ А.С. Иванова бырайыактыыр ньыманан Амма олоңхотун үѳрэтии-чинчийии уопутун туһунан кэпсээтэ. М.Д. Иванова олоҥхо кылааһын концепциятын сырдатта. Оскуолабыт учууталлара бырайыактыыр ньыманы уруокка хайдах тутталларын көрдөрөн, аһаҕас уруоктары, дьарыктары ыыттылар.
Олоҥхо биэрэр кыаҕын-күүһүн иитии, үөрэх эйгэтигэр хайдах туһанар туһунан маастар-кылаастар, уопут атастаһыытын киэҥ түһүлгэтэ буолла. Ону үөрэх салалтатын сүрүннүүр специалиһа Е.В. Огоюкина иилээн-саҕалаан ыытта. Сэттэ учуутал уопуттарын үллэстэн кэпсээтилэр, санаа атастастылар. Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй учууталлара О.В. Карамзина «Урок в технологии ТМДО «Аал луук мас», С.П. Абрамова «Олоҥхо педагогикатынан үлэлиир тэтэрээттэр», С.Н. Петрова «Сомоҕо домоҕо» электроннай пособие», Е.С. Никитина аатынан Алтан орто оскуолатыттан А.С. Петрова «Оҕо иҥнибэккэ, толлубакка сөпкө саҥарар дьоҕурун сайыннарыы», М.Е. Неустроева «Ааҕыы уруоктарыгар туттар ньымаларым», Бөтүҥтэн М.Д. Иванова «Тылы сайыннарыыга бырайыактыыр ньыманы уруокка туһаныы», Д.Е. Гоголева «Олоҥхону оонньуу ньыматынан үөрэтии» үлэлэрин билиһиннэрдилэр, көрдөрдүлэр.
Бу күн олоҥхо экспериментальнай III кылаас оҕолоро (сал. М.К. Дьяконова) Е. Иванова «Аландаайы Куландаайы» олоҥхотун толордулар. «Оллоон» Саха өрөспүүбүлүкэтин оҕо көрдөрүүлээх фольклорнай ансаамбыла уонна биирдиилээн баҕалаах оҕолор Ю. Борисов «Кэскил бухатыыр» диэн куукуланан испиктээк көрдөрдүлэр (сал. А.Н. Лазарева, С.О. Егорова).
«Оҕо уһуйааччытынаан» күөн күрэскэ уруһуйга, панноҕа, олбох тигиитигэр, тута хоһуйууга, хаһыат оҥоруутугар күрэхтэстилэр. Күрэх бырайыактыыр ньыманан ыытылынна. Оҕо сатабылын сайыннаран, талан ылбыт сорудаҕынан уһуйааччытын кытта көмөлөөн, үлэлэрин оҥорон, айан-тутан таһаардылар. Түмүк маннык буолла:
Уруһуй күрэҕэ: М.М. Архипова, София Климентова (Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй), А.С. Петрова, Милана Васильева (Е.С. Никитина аатынан Алтан орто оскуолата), төрөппүт Н.М. Колосова, Радмир Колосов (Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй).
Олбох тигиитэ: В.И. Иванова, Сайаана Степанова (В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата), Амматааҕы лицейтэн төрөппүт Р.К. Петрова, Ванесса Петрова (Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй) З.П. Сивцева, Дайаана Слепцова (В.В. Расторгуев аатынан Амма 2 №-дээх орто оскуолата).
Панно күрэҕэ: төрөппүт Т.Г. Дмитриева, Лиана Дмитриева (В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата), М.Г. Неустроева, уһуйааччы Виолета Петрова (Е.С. Никитина аатынан Алтан орто оскуолата), төрөппүт Л.Е. Миронова, Вика Васильева (Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолата).
Тута хоһуйуу күрэх: М.И. Владимирова, Ньургуйаана Устинова (В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата), М.К. Дьяконова, Маша Павлова (Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолата).
Олоҥхоҕо сыһыаннаах оҥоһук: Алтан, Эмис, Болугур орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ.
Биһиги оскуолабытыгар ыытыллыбыт улахан тэрээһин олоҥхо дьону түмэр улахан күүс буоларын көрдөрдө. Бу күн учууталлар, иитээччилэр, уһуйааччылар оҕолорбутун кытта олоҥхо тула өйбүтүн-санаабытын түмэн бииргэ үлэлээтибит. Онтон нэһилиэкпит тумус туттар дьоно С.А. Неустроева, С.Д. Нестерев, М.С. Борисова, Л. А. Семенова дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр.
Анастасия ЛАЗАРЕВА, пресс-киин салайааччыта,
Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолата, Амма.
Хаартыскаҕа түһэрдэ Радмир Дьяконов, VII кылаас