⠀Бэйэтигэр эрэллээх киһи күүстээх санаалаах, ситиһиилээх, олоҕунан дуоһуйар, дьоллоох буолар.
⠀Бэйэтигэр эрэммэт киһи куттас, халбаҥ, сымыйаччы, муҥкук, тус санаата суох буолар. Оннук киһи сыала-соруга суох, тыал ханна үрэринэн сылдьар, ис кыаҕын кыайан арыйбат, тугу да олоҕор ситиспэт, онтон сылтаан куһаҕан дьаллыкка умньаныан да сөп.
⠀Онон билиҥҥиттэн бэйэҕэр эрэллээх буоларга үөрэн. Онуоха бу тургутук туһалыа. Ыйытыыларга хоруйдаан, бэйэҕэр төһө эрэллээххин бил, түмүктэ оҥоһун, уларыйарга, тупсарга сыалла-сорукта туруор.
***
1. Эйигин кытта хайдах илии тутуһан дорооболоһоллорун ордороҕун?
- А) күүскэ бобо тутан;
- Б) наһаа хам туппакка;
- Б) сэмээр таарыйан ылалларын.
- Эн сулуһуҥ бэлиэтэ?
- А) Хахай, Хой, Чубуку, Оҕус;
- Б) Игирэ, Күлгэри, Уу Кутааччы, Охчут;
- В) Балыктар, Рак, Кыыс, Ыйааһын.
- Эн тирииҥ хайдаҕый?
- А) кириэмҥэ-арааска наадыйбат, онто да суох бэйэтэ үчүгэй;
- Б) наһаа көрүүгэ-харайыыга наадыйар буолбатах эрээри, бэйэм кэмиттэн кэмигэр ыраастыыр, сымнатар, тыыннарар процедуралары оҥоробун;
- В) дэлби хатарар. Кыраттан бааһырар, кытарар, кыһыйар.
- Паарка ыскамыайкатыгар санаарҕаабыт көрүҥнээх кыыс олорорун көрдөххүнэ, эн искэр саныыгын…
- А) сынньана, чуумпуга олороору кэллэҕэ;
- Б) ким эмэ көрөн аһыныа, кэпсэтиэ диэн кэлэхтээбит;
- В) улахан кыһалҕаҕа ыктаран, онтон куотунан, уоскуйа түһээри, санаатын сааһылаары кэлбит.
- Эн…
- А) хомолтону, кыһыыны-абаны түргэнник умнаҕын, аһарынаҕын;
- Б) бэйэмсэх буолбатаххын, атыттар тустарынан эмиэ саныыгын;
- В) кими эмэ албыннаатаххына, онтон наһаа эрэйдэнэҕин, суобаһыҥ оонньуур.
- Ханнык фигураны талаҕын:
- А) Үс муннук;
- Б) Түөрт муннук;
- В) Төгүрүк.
- Спорт ханнык көрүҥүнэн сөбүлээн дьарыктаныаҥ этэй?
- А) парашюттаах ыстаныы;
- Б) ууга ыстаныы;
- В) хайаҕа ыттыы.
Өскөтүн “А” хоруйуҥ элбэх буоллаҕына, эн бэйэҕэр эрэллээххин. Ол эрээри, оҕо буолаҥҥын, ардыгар мунаахсыйар, саарбахтыыр да түгэннэрдээххин. Ону эн, күүстээх личность буолаҥҥын, кыбыстыбакка билинэҕин уонна доҕотторгуттан, улахан дьонтон сүбэ көрдүүгүн. Сыал-сорук туруоруммут буоллаххына, туох да эрэйэ-мэһэйэ, элбэх сыраны-сылбаны бараабакка, холкутук ситиһиэҥ. Маладьыас, бэйэҕэр эрэлгин сүтэримэ.
Өскөтүн “Б” баһыйар буоллаҕына, эн бэйэҕэр соччо эрэммэт эбиккин. Билэр дьонуҥ ортолоругар, сылдьа үөрэммит эйгэҕэр холкутук, көҥүллүк сананаҕын, туохтан да куттаммаккын, толлубаккын. Ол эрээри, атын сиргэ, холобура, лааҕырга, саҥа оскуолаҕа, күрэхтэһиилэргэ кэллэххинэ, мунан хаалбыт кус оҕотун курдук буолаҕын, бэйэҕин өйөбүлэ суох курдук сананаҕын, куттаммыт курдук сылдьаҕын. Ол иһин олимпиадаларга, куонкурустарга эҥин билэргин да билбэт буола уолуйуоххун, долгуйуоххун сөп. Өйдөө, мэлдьи ийэ-аҕа көрүүтүгэр-харайыытыгар, төрөөбүт түөлбэ биһигэр бүөбэйдэниэҥ суоҕа. Туспа-туора дойдуга барар, атын дьоннуун алтыһар түгэн син биир тирээн кэлиэҕэ. Онно бэлэм буол, ханнык да түгэҥҥэ бэйэҕэр эрэлгин ыһыктыма.
Өскөтүн “В” элбэх буоллаҕына, эн бэйэҕин сэнэнэҕин, наар кыаллыбат, сатаммат эрэ өттүн көрөҕүн, куруук атаҕастаммыт курдук сананаҕын. Кыаххын ситэри туһаммаккын, талааҥҥын арыйбаккын, кистэнэ, бэйэҕэр бүгэ сылдьаҕын. Салгыы итинник буолара табыллыбат. Күүстээх санааҕын ылынан, харса суоххун киллэрэн, кыайыам суоҕа диир күрэхтэһиилэргэр холонон көр, барытыгар көхтөөхтүк кыттан, бэйэҕэр эрэли үөскэт.