Мин хос эбэм Мотрена Прокопьевна Давыдова 1928 сыллаахха от ыйын 7 күнүгэр Чурапчы оройуонун Хайахсыт нэһилиэгэр Соппуруон алааһыгар Прокопий Афанасьевич, Татьяна Лукинична Степановтарга бэһис оҕонон күн сирин көрбүтэ.
Хос эбэм оҕо сааһа сэрии сылларыгар түбэһэн, сут-кураан ыараханын, олох кыһалҕатын этинэн-хаанынан билбитэ. 1942 сыл күһүнүгэр хоту көһөрүллүүгэ Эдьигээҥҥэ Наатараҕа тиийэллэр. Онно ийэлээх аҕатын кытта балыкка үлэлииллэр. Ити кэмҥэ хос эбэм 14-тээх, мин саастыыта. Кини аһардыбыт ыар кэмин кытта бу олорор бэйэм кэммин тэҥнээн көрдөхпүнэ, хос эбэбэр сүгүрүйэрим, кини тулуурун сөҕөрүм өссө күүһүрэр.
Эдьигээҥҥэ түөрт сыл олорбуттар. 1946 сыллаахха дойдуларыгар этэҥҥэ тыыннаах эргиллэн кэлбиттэр. Хадаарга олохсуйбуттар. 1951 сыллаахха хос эһэбэр кэргэн тахсан, 8 оҕоломмуттар. Үйэтин тухары үлэги өрө туппута, холкуоска, сопхуоска, оҕо саадыгар үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.
Билигин санаатахпына, хос эбэм кэнэҕэски ыччаттарын туһугар туруулаһан, туох баар күүстээх санаатын түмэн, сэрии содулун, сут-кураан дьылларын, хоту көһөрүллүү ыар кэмнэрин тулуйбут уонна эрдээхтик туораабыт эбит. Бу түгэн мин киниэхэ сүгүрүүйбүн икки бүк үрдэтэр.
Хос эбэм Мотрена Прокопьевна кэрэни кэрэхсиир ураты дьоҕурун сэрии ыар тыына, олох уустуга самнары баттаабатаҕа. Пенсияҕа тахсан баран, уруһуйунан дьарыктаммыта. Элбэх быыстапкаларга кыттара. 1998 сыллаахха муус устар 19 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи “Уран” быыстапка саалатыгар 40-ча хартыынатынан быыстапка туруоран, норуот маастарын аатын ылбыта.
Оҕолоро хос эбэм Мотрена Прокопьевна Давыдова аатын үйэтитэр сыалтан, икки сыл устата анал үөрэҕэ суох эрээри, кэрэни кэрэхсиир дьоҕурдарын сайыннаран уруһуйдуур дьоҥҥо анаан өрөспүүбүлүкэтээҕи уруһуй куонкуруһун тэрийэн ыыталлар.
Хос эбэм хартыыналарын көрөбүн уонна “кини санаатын күүһэ – кэрэни кэрэхсииригэр көстөр” диэн толкуйга кэлэбин. Эбэм уруһуйдара «кэрэ өйдөбүлэ диэн сүрдээх дириҥ, киэҥ, күүстээх буолар» диэн үөрэтэллэр.
Иванна НИКОЛАЕВА, VII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы