Сандаархай сааспыт кэлэн биhигини үөрдэр-көтүтэр. Күн — дьыл туран Өлүөнэ эбэбит эстэрэ чугаhаан истэҕин ахсын халаан уутугар барар бөhүөлэктэр кыhалҕалара элбиир.
Бу үлэҕэ нэhилиэкпит төhө бэлэмнээҕин туhунан баhылыкпыт солбуйааччыта Пётр Петрович Степановтан маннык информацияны ыллыбыт: «Нэhилиэккэ халаан уутугар бэлэмнэнии үлэтэ ылыныллыбыт былаанынан бара турар. Ол курдук сылгы, ынах сүөhүлэри хаайар сирдэр Токой, Иирэ учаастактарыгар уонна чааhынай дьон лаабыстарыгар таhаарар туhунан үлэ ыытыллар. Дьону эвакуациялыыр быстах кэмңэ олорор дьиэлэр оскуола – 100 киhи, кулууп – 50 киhи, администрация дьиэтигэр 10 киhи диэн былааннаан олоробут. Нэhилиэккэ оперативнай штаб, бөлөх тэриллибитэ ». Дьэ, ити курдук олохтоох администрация халаан уутугар бэлэмнээхпитин үөрэ-көтө иhиттибит, онтон олус үөрдубут, халаан уута этэңңэ аастын диэн баҕа санаалаахпыт.
Лилиана НАГЛЫ, VI кылаас үөрэнээччитэ
Сииттэ орто оскуолата, Кэбээйи