Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө Эҥэҕэ араас тэрээһини ыыттыбыт.
Ол курдук, Эҥэ нэһилиэгин баһылыга Руслан Русланович Семёнов эҕэрдэ тылынан бу тэрээһин арылынна. Оҕолору итии чэйдээх сахалыы лэппиэскэнэн күндүлээһин буолла. Ол кэнниттэн кылаастарынан оһуокай эттибит, ырыа ыллаатыбыт. Автономияны төрүттэспит П.А. Ойуунускай, М.К. Аммосов, И.Н. Барахов, С.В. Васильев, о.д.а. ааттарын долгуйа иһиттибит. Кинилэринэн киэн туттуубут муҥура суох.
Киэһэтин кулуупка «Өбүгэ оонньуута» күрэх буолла. Өбүгэ араас оонньуутугар кыра кылаастарга Саша Колесов(4 кыл.), орто сүһүөххэ Кеша Бегишев (5 кыл.) бастаатылар.
Ити курдук Өрөспүүбүлүкэ күнэ сэргэхтик түмүктэннэ.
Аня Ефимова, 10 кыл., «Саһарҕа» пост, Эҥэ.