Мин бу күннэргэ Билим дьоҕус академиятыгар эдэр кэрэспэдьиэннэр «Кэскил» медиа-ракета» сменатыгар үөрэнэ сылдьаммын Оксана Александровна Борисованы кытта билистим.
Оксана Александровна «Кэскил» хаһыаты, «Бэлэм буол» сурунаалы оҥорон таһаарыыга үлэлиир. Кини хаһыат дизайнера. Биһиги суруйбут ыстатыйаларбытын, интервьюларбытын хаһыакка, сурунаалга киэркэтэн, оҥорон таһаарар. Билим дьоҕус академиятыгар кэлэн, биһигини үөрэппитэ, бэйэтин билиититтэн бэрсибитэ. Тэҥҥэ олороммут «Кэскил» хаһыат муус устар 11 күнүнээҕи нүөмэрин таҥан оҥорбуппут.
Оксана Александровна оҕо хаһыатыгар 1988 сылтан үлэлиир. Мин биир дойдулаахпын, саха норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординовы-Амма Аччыгыйын кытта бииргэ алтыспытын соһуйа иһиттим уонна ол туһунан кэпсииригэр көрдөстүм.
– Оччолорго «Кэскил» хаһыат «Бэлэм буол» диэн ааттааҕа. Николай Егорович Мординов «Бэлэм буол» хаһыакка үлэлээбитэ. 1988 сыллаахха «Бэлэм буол» хаһыакка үлэлии киирэрбэр Николай Егорович номнуо сынньалаҥҥа тахсыбыт этэ. Ол гынан баран хаһыат эрэдээксийэтигэр киирэ-тахса сылдьара, үлэлээн ааспыт коллективын кытта ыкса сибээстэһэрэ. Амма Аччыгыйын олус элэккэй, бэһиэлэй, кэрэ кэпсээннээх киһи быһыытынан өйдөөн хаалбыппын. Николай Егорович өрөбүл күннэргэ редакция коллективын бэйэтин дьиэ кэргэнин кытта Сэргэлээххэ даачатыгар түмэрэ. Остуол тула олорон бултуурун, балыктыырын туһунан кэпсиирэ, илдьэ сылдьар саатын көрдөрбүтэ. Николай Егорович олус истиҥ, элэккэй уонна боростуой киһи этэ. Билигин «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа аатын сүгэр, – диэн кэпсиир Оксана Александровна.
Мин Амма Аччыгыйа курдук улахан суруйааччыны тыыннааҕар көрбүт, кини тылын-өһүн истибит киһини көрсөн элбэҕи биллим. Ол туһунан санаатын үллэстибитигэр Оксана Александровна Борисоваҕа махтанабын. Бу көрсүһүүнү мин хаһан да умнуом суоҕа.
Владилена АНИСИМОВА, VIII кылаас, Тааттатааҕы лиссиэй, Ытык Күөл, Таатта.