Муус устар 4-15 күннэригэр Билим дьоҕус академиятыгар “Кэскил” медиа-ракета” сменатыгар үөрэнэ сылдьабын. Сыл аҥарын устата оскуолабар эдэр кэрэспэндьиэн быһыытынан айымньылаахтык үлэлээн, ыҥырыллыбытым.
Былырыын алтынньы ыйга учууталым Надежда Петровна Громова “маннык смена баар, кытаат, элбэх сонуннаах матырыйаалы суруй” диэбитэ. Мин онно сыал-сорук туруорунан, keskil14.ru сайтка анаан, кырдьык, элбэх матырыйаалы суруйбутум. Ол түмүгэр Билим дьоҕус академиятыгар кэлбитим.
Бу сменаҕа элбэх күн сылдьан, оҕолору кытта билсэн, дьоҕурбун, сатабылбын көрдөрбүппэр учууталбар Надежда Петровна Громоваҕа махтанабын. Кини миигин араас тэрээһиннэргэ кытыннаран, мин суруналыыстыкаҕа интэриэспин уурбутум. Кини миэхэ билигин учуутал, чугас доҕор. Мин туспар кыһаллар.
Билим дьоҕус академиятыгар элбэх оҕону кытта билистим. Бары бэйэ-бэйэбитин кытта кэпсэтэн, туох сатабыллаахпытын биллибит. Биһигини “Кэскил” хаһыат үлэһиттэрэ үөрэттилэр, сүбэ-ама биэрдилэр. Сменаҕа сылдьыбыт күннэрим устата элбэҕи биллим.
Мин видео устарга, сонуннары өссө үчүгэйдик суруйарга үөрэнним. Бэйэбин ырытан көрдүм. Видеону сатаан устубат, таҥан оҥорбот эбиппин. Доргуччу саҥарар үчүгэй куолаһым суох эбит. Мин онтон хомойбоппун. Тоҕо диэтэххэ, дойдубар Улахан Ааҥҥа тиийэн баран, бу мөлтөх өрүттэрбин сайыннарыам. Мин үчүгэйдик хаартыскаҕа түһэрэр, дьоҥҥо өйдөнөр гын суруйар эбиппин. Бу дьоҕурдарбын өссө сайыннарыам, үлэлиэм!
Билим дьоҕус академиятыгар сылдьан элбэҕи толкуйдаатым уонна маннык түмүккэ кэллим. Манна кэлбиппэр үөрүөхпүн эрэ наада. Учууталбар махтанабын. Манна ылбыт билиибин-көрүүбүн, инники сайдыыбар туһаныам.
Аман ЕРЕМЕЕВ, VII кылаас,
М.Е. Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскуолата, Хаҥалас.