Муус устар 7 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта норуодунай тыйаатырыгар хартыына галереятыгар А.Е. Мординов аатынан лицей 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Валерия Другина «Arti» быыстапкатын үөрүүлээх аһыллыытын бырааһынньыга буолла.
“Юный дизайнер” куруһуок оҕолоро сылдьан, Валерия оҥоһуктарын, араас хайысханан оҥоһуллубут уруһуйдарын сэргии, сэҥээрэ көрдүлэр. Киһи сөбүлүүр дьыалатынан дьарыктанан хайдах курдук ис хоһоонноох кэрэ уруһуйдары, оҥоһуктары оҥоруон сөбүн көрөн астынан санаалара өрө көтөҕүллэн, сөҕөн тарҕаспыттара.
Түгэнинэн туһанан Валерияны уонна кини ийэтиниин Аэлита Владимировналыын сэһэргэстибит.
— Аэлита Владимировна, дьиэ кэргэҥҥит туһунан кылгастык билиһиннэриэххит дуо? Валерия талаанын хаһан таба көрөн дьарыкка биэрбиккитий?
— Биһиги элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн буолабыт, Куула түөлбэ олохтоохторобут. Валерия бастакы оҕонон күн сирин атырдьах ыйын 20 күнүгэр 2007 с. көрбүтэ. Кини кыра эрдэҕиттэн уруһуй бөҕөтүн уруһуйдааччы. Ону таһынан араас сонун, 3-D эбэтэр туох эрэ интэриэһинэй эбиилээх, киэргэтиилээх открыткалары оҥорон бэлэхтээн үөрдээччи. Ону көрөн, оҕобутун эбии сайыннараары, талаанын арыйаары ДШИ-га Билюкина Саргылана Константиновна кылааһыгар киллэрбиппит, онно 2 кылааска сылдьан үөрэнэн саҕалаабыта. Наһаа үчүгэй учууталга түбэһэммит, оҕобор сөптөөх сыһыаны олохтоон, оҕом өссө уйдаран, дуоһуйа үөрэммитэ. Ол курдук 5-с сыл биллибэккэ ааспыта, билигин да, төһө да бүтэрдэр учууталбыт ыҥыран оскуолатыгар тиийэн үөрэ-көтө дьарыктанар, учуутал истиҥ сыһыана манна сытар дии саныыбын, оҕо баҕата, үөрэххэ тардыһыыта сүппэт эбит.
— Бу быыстапканы туруорарга хайдах быһаарынан оҥордугут?
— Бу быыстапканы туруорарга санаммыппыт диэн, Валерия 9-с кылааһынан оскуоланы бүтэриэн баҕарар, ол иһин үлэбит түмүгүн дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатаары уонна Валерия 2022 сыл күһүнүттэн саҕалаан Намнааҕы педколледжка дистанционнай педкласска үөрэнэ сылдьар, онно бу быыстапкабыт түмүгүнэн проектнай үлэ суруйан көмүскүөхтээхпит.
— Валерия, хас сааскыттан уруһуйдаан саҕалаабыккыный?
— Кыра сааспыттан наар уруһуйдуурбун, олус сөбүлүүр этим, быыс бириэмэ буллум да харандаас, фломастер, акварель үрдүгэр түһээччибин. Ону таһынан пластилинынан ону-маны оҥорорбун ордорор этим.
— «Arti» диэн быыстапкаҥ аата уонна «нигыҥ» буолар дуо?
— Хас эмит сыл уруһуйдаан бэйэбэр сөптөөх стиль буллум дии саныыбын уонна бу персонаж толкуйдаммытым Arti диэн. Кини демон-художник, олус сырдык, үтүө санаалаах, уруһуйдьут бэрдэ буолар. Кини кутуруга кисточка буолар, бэйэтэ мин көрүүбүнэн 2.5 м кэриҥэ үрдүктээх, икки муостаах, маҥан дьүһүннээх буолар.
— Уруһуйдаргын айаргар туох эйиигин көҕүлүүрүй?
— Мин уруһуйдуурбар ону-маны кэрэни көрдөхпүнэ, иэйии киирэр, наһаа элбэҕи уруһуйдуох санаа тиийэн кэлэр, эбэтэр санаам түстэҕинэ, эмиэ уруһуй чэпчэтэр курдук буолар.
— Саамай тугу уруһуйдуургун сөбүлүүгүн?
— Саамай сөбүлүүрүм диэн өйбүттэн персонаж айан таһаарааһыным буолар, кинилэри мин ibisPaint X приложенияҕа уруһуйдуубун, хас эмит чаас олорон эрэн айыахпын-тутуохпун сөп. Сорох уруһуйдарым, холобурун, саамай уһаабыта 30 чаас уруһуйдаммыттара.
— «Сатабылга» ханнык куруһуокка дьарыктаммыккыный?
— «Сатабылга» музыкальнай оскуолаҕа киириэм иннинэ, Нарыйаана Владимировна Васильеваҕа 2 сыл уруһуй куруһуогар дьарыктаммытым.
— Инникитин туох былааннааххын?
— Инникитин художник-мультипликатор идэтин баһылыахпын баҕарабын, бэйэм мультиктары оҥорон таһаарыахпын баҕарабын.
Валерия ситиһиилэрэ:
- Первое место в улусном конкурсе рисунков «Литературные герои произведений П. А. Ойунского и А. И. Софронова-Алампа» ноябрь 2022 г.
- Улусная олимпиада по лепке из глины 2 место 2017 г
- Дипломат 2 степени в Улусном фестивале Декоративно-Прикладного творчества школьников, 2023 г.
- 2020 г. 1 место в внеклассном конкурсе «тряпичные куклы»
- 2020 г. Внеклассном конкурсе «Лоскутное шитье 2 место
- 2 место в внутри классном конкурсе работ по глине «Тыква» октябрь 2022 г.
- Первое место в конкурсе рисунков «Соблюдайте правила дорожного движения» МБОО Таттинская гимназия им. И. П. Жегусова
- 3 место в конкурсе рисунков «Баай барыылаах Байанай» МБОО Таттинская гимназия им. И. П. Жегусова 2022 г.
- 1 место в конкурсе рисунков среди учащихся начальных классов ЫКСОШ 2, 2017 с.
- Улуустааҕы уруһуй уонна хаартыска быыстапкатын кыттыылааҕа, 2018 с
- Араас таһымнаах күрэстэргэ костюм оҥоһуутугар үрдүк ситиһиилэрдээх
- Резидент бизнес-инкубатора «PROрыв»
Айылҕаттан талааннаах эдэркээн уруһуйдьут, кэскиллээх, талааннаах кыыска Валерия Другинаҕа үөрэҕэр, инники былааннарыгар үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
“Сатабыл” медиа студията,
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ.