Муус устар 8 күнүгэр Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр “Кэскил Медиа-ракета” смена оҕолоро “Киин” маҕаһыыҥҥа тиийэ сырыттыбыт.
Бу сменаҕа оҕолор өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан Өктөмҥө Билим дьоҕус академиятыгар кэлэммит үөрэнэ сылдьабыт. “Киин” маҕаһыыҥҥа сылдьаммыт атыыластыбыт, маҕаһыын туох атыннааҕын, сыана арааһын кэрчилээн көрдүбүт. Манна киһиэхэ наадалаах мал, бородуукта арааһа, тэтэрээт, уруучука барыта баар. Күн аайы сиб-сибиэһэй бурдук ас, килиэп атыылыыллар эбит.
Киһи маҕаһыыҥҥа хаама сылдьан наадалаах табаарын, бородууктатын көрүөн сөп.
Маҕаһыын иһигэр итии уонна тымныы уулаах кулер турарын сэргии көрдүбүт. Атыыһыт этэринэн, бу кулер оскуолаттан кэлэн иһэр оҕолор сылаас чэй кутталларыгар уонна лапса буһарыналларыгар аналлаах. Маҕаһыын атыылаһааччыга болҕомтотун уурар эбит. Мин санаабар, атыылаһар киһиэхэ болҕомто ууруллара саамай сөп. Билиҥҥи кэмҥэ итинник үлэлиир маҕаһыыннар аҕыйахтар.
“Киин” маҕаһыыҥҥа элбэх киһи сылдьара тута көстөр. Оҕолор маҕаһыыҥҥа сылдьаммыт ас сыанатын уонна киһи майгытын эмиэ билэбит.
Краснослав ВАСИЛЬЕВ, Х кылаас, 1-Хаҥалас, Ньурба.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ