Биһиги соторутааҕыта Билим дьоҕус академиятын оранжереятыгар ыалдьыттаатыбыт. «Кэскил» кэрэспэндьиэннэрин Мария Семеновна Иванова үөрэ-көтө көрүстэ. Хаар, тыал быыһынан эмискэччи күп-күөх сиргэ баар буолан хааллыбыт. https://vk.com/wall-199463452_6474
Оранжереяҕа 1000 үүнээйи баар эбит. «Саамай ураты сибэкки ханныгый?» диэн ыйыппыппар Мария Семеновна: «Манна сэдэх үүнээйилэртэн тропическай сибэккилэри, ону таһынан гранаты, винограды үүннэрэбит», – диэн хоруйдаата.
Оранжереяҕа дьэдьэни эмиэ үүннэрэллэр эбит. Мария Семеновна биһиэхэ сайыны санатан, минньигэс дьэдьэниттэн амсатта. Олус сөбүлээтибит. Өссө мин гранаты сэргии көрдүм.
– Үүнээйи, сибэкки науканы кытта ыкса ситимнээх. Эһиги эмиэ ону интэриэһиргээн, тула өттүгүтүн кэтээн көрө сылдьар буолуҥ, – диэн сүбэлээтэ.
Уонна биһигини сайын оранжерея саамай ситэн-хотон турар кэмигэр кэлээриҥ диэн ыҥырда.
Ярик ПРОКОПЬЕВ, VI кылаас, Дьабыл, Мэҥэ Хаҥалас.
Видеону таҥан оҥордо Саша Егоров, VII кылаас, Ороһу, Үөһээ Бүлүү.