Саас кэлэн, халлаан сылыйан оҕуруот, арассаада, үүнээйи буорун бэлэмнээһин түбүгэ саҕаланна. Биллэн турар, үчүгэй,өҥ буорга үүнээйи хотуулаахтык үүнэр, түргэнник астанар, эобэх үүнүүнү биэрэр. Онон, биһиги курдук кылгас сайыннаах сайыҥҥа эрдэттэн бэлэмнээх эрэ оҕуруотчут үүнүү ылан, уһун кыһыҥҥыга хаһааныан сөп.
Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө–Күөл орто оскуолатын X кылааһын үөрэнээччитэ Ваня Винокуров сапропель туһатын чинчийэн, дакылаат суруйан элбэх научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттан кэккэ ситиһиилэрдээх. Кини сапропель туһатын эрэ чинчийиинэн муҥурдаммакка бу изнес тэринэргэ бэртээхэй дьыала буоларын толкуйдаан бизнес проект суруйан ааҕан–суоттаан дакаастаабыта.
Дьэ, ол бырайыагын олоххо киллэрэн, сааскы сынньалаҥын кэмигэр эһэтин Винокуров Максим Егоровичтыын уонна быраата Аполлооннуун олохтоохтортон сайаапка хомуйан сапропель тастылар. Эһэлэрэ сиэннэрин сүбэлээн, үөрэтэн уолаттары үлэҕэ сыһыарара олус хайҕаллаах. Оҕо саастарыттан үлэҕэ сыстан, бириэмэни туһалаахтык аттаран, дьиэ кэргэн бүдьүөтүн хаҥатыһан уолаттар элбэххэ үөрэнэллэр, сатабыллара сайдар.
Изабелла Ноговицына, Орто Халыма, Өлөөкө– Күөл бөһүөлэк