Олунньу ый 17 күнүгэр Пионерия тэриллибитэ 101 сылыгар аналлаах 2-с Малдьаҕар орто оскуолатыгар пионердар слеттара буолан ааста. Бу түмсүүгэ нэһилиэкпит ытыктанар эбээлэрэ, урукку пионердар кэлбиттэрэ.
Урут эмиэ кинилэр биһиги курдук пионер буола сылдьыбыттара, элбэх ырыаны ыллаабыттара, үчүгэйдик үөрэнэллэрэ, элбэх тэрээһиҥҥэ кытталлара, эппиэтинэстээх үөрэнээччилэр этэ. 5 кылаас 15 үөрэнээччитэ, 6 кылаастан 2 оҕо уонна 7 кылаастан 4 оҕо бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыппыт.
Ыалдьыттарбыт бэһис кылаастарга Пионерия диэн тугун билсиһиннэрбиттэрэ. Бары 21 пионер андаҕар тыл эппиппит. Ол кэнниттэн кинилэр интириэһинэй кэпсээннэрин истибиппит уонна хайдах үөрэммиттэрин билбиппит. Пионер буоларбыт быһыытынан, пионердар өрөгөй ырыаларын ыллаабыппыт. Пионердары көрө-истэ, сэргэхситэ, көмөлөһө сылдьыҥ диэн ыалдьыттарбытыгар этэрээттэри туттарбыттара. Ол кэнниттэн ыалдьыттарбытын кытары хаартыскаҕа түспүппүт.
Дьэ, бу курдук пионердар түмсүүлэрэ интэриэһинэйдик буолан ааста.
Аман Еремеев, М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ. Хаартыскаҕа түһэрдэ Ангелина Алексеева, 7 кылаас.