Сунтаар улууһугар Ийэ тыл сыла биллэриллибитэ. Онон сибээстээн Кутанаҕа олунньу 17 күнүгэр култуурабыт дьиэтигэр мустан, Альберт Бүлүүйүскэй «Кылыынча» диэн кылгас кэпсээнин тиэкиһинэн сахалыы дьыктаан суруйдубут.
9-с кылаас үөрэнээччилэрэ, учууталлар уонна улахан дьон кыттыбыттара. Барыта 33 киһи. Дьыктааны ветеран учуутал, оскуола мецената, суруйааччы Валентина Григорьевна Дьячковская аахта.
Дьыктаан суруйуута, мин санаабар, уустук соҕус этэ, тоҕо диэтэр мин сурук бэлиэтин туруорарга ыарырҕаппытым. Оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо 1, 2, 3 миэстэлэр наҕараадаланнылар. 1 миэстэ — Антон Третьяков, 9 кыл., 2 миэстэ — Алина Тисякова, 9 кыл., 3 миэстэ — Володя Максимов, 9 кыл.
Ол да буоллар сахалыы дьыктаан суруйуута миэхэ туһалаата уонна олох үөрүйэҕин биэрдэ.
Оҕолоор, бу маннык тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыахха наада. Сахабыт тыла саргылана турдун!
Александра Уарова, 9 кыл.,
«Кутана кыымнара» юнкор пост.