Бу сүрдээх таһымнаах бөлөххө икки миниистир, салайааччы Үөрэх уонна наука миниистирэ Ирина Павловна Любимова, ыччат миниистирэ Петр Витальевич Шамаев, экономика миниистирин солбуйааччы Мария Михайловна Аргунова, спорт миниистирин солбуйааччы Александр Николаевич Бугаев, доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Любовь Степановна Бурнашева, СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар госкомитет солб. бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Михайлович Андросов, ОДьКХ уонна энергетика минитерствотын департаменын салайааччыта Айсен Егорович Кирсанов, архитектура управлениетын отделын салайааччыта Капитонова Алена Николаевна, «Автомобильнай суоллар» ГКУ эксплуатация отделын начальнигын солбуйааччы Семен Иннокентьевич Павлов кыттыыны ыллылар.
Миниистир Ирина Павловна Любимова Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан үөрэхтээһин холбоһугар сылдьан, икки үтүөлээх учууталы, Валентина Викторовна Блахированы, Валентина Семеновна Кривошапкинаны кытта анаан көрүстэ. Үүммүт «Педагог уонна уһуйааччы» сылынан эҕэрдэлээтэ. Уһун таһаарыылаах үлэлэрин иһин махтанна, доруобуйаны, ситиһиилээх үлэни баҕарда уонна эҕэрдэ суругу кытта Үөрэх Министиэристибэтин 100 сылынан тахсыбыт «Образование — важнейший фактор развития республики Саха (Якутия)» кинигэлэри бэлэхтээтэ.
Салгыы нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттаатылар, нэһилиэк олохтоохторун ыйытыыларыгар сөптөөх хоруйу биэрдилэр, туруорсуулар олоххо киириилэригэр үлэлэһиэхпит диэн эрэннэрдилэр. Олохтоохтор бырабыыталыстыба үлэтин сөптөөҕүнэн, «үчүгэйинэн» сыаналаатылар.
Валентина Кривошапкина