Болугур Амма улууһугар саамай элбэх норуот маастардаах нэһилиэгинэн биллэр. Бу биэс норуот маастара үүнэн-сайдан тахсыбыт дойдута.
«Кулун атах култуурата, өбүгэ быстыбат ситимэ» диэн бырайыакпыт нөҥүө кэнчээри ыччаттарбыт, оҕолорбут өбүгэ үтүө үгэһин ытыктыы, билэ, төрөөбүт дойдуларыгар чугас буола улааталларыгар
Биһиги култуурабыт киинэ М.А. Ноговицын аатын сүгэр. Төрөөбүт тыл, сурук-бичик декадатыгар аналлаах, 2024 с. Амма улууһугар буолар Олонхо Ыһыаҕар бэлэмнэнэр соруктаах «Утум ситимэ» диэн улуустааҕы култуурунай-духуобунай тэрээһин буолан ааста.
Болугур сиригэр үктэммит ыалдьыттарбытын «Арчылаана», «Чөмчүүк» түмсүүлэр саха киһитин сиэринэн арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Норуот маастара Ульяна Михайлова – Маай кыыһа, отоһут Мария Петрова «Алгыстаах айылҕа чэйинэн» күндүлээтилэр. Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар Болугур нэһилиэгин норуот маастардара Валентина Стручкова, Ульяна Михайлова — Маай кыыһа, Степан Устинов, Егор Федотов, уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрбит Ульяна Иванова, Варвара Константинова, Изабелла Гаврильева оҥоһуктарын быыстапката буолла. Эр дьоммут Феликс Михайлов, Николай Кузьмин, Гаврил Никифоров, Октябрь Аянитов кыттыыны ылбыттара ураты көстүүнэн буолла. Тэрээһини «Арчылаана» эбээлэр, «Чөмчүүк» дьахталлар түмсүүлэрэ, «Сарыада» фольклорнай, «Сырдык», «Алгыс» үҥкүү бөлөхтөрө киэргэттилэр.
Болугур нэһилиэгин баһылыга Андрей Петров, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарыгар солбуйааччыта Нюргуяна Илларионова, култуураҕа уонна норуот айымньытыгар салалтатын салайааччыта Иван Иванов истиҥ эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Олонхоһут, импровизатор, Болугур нэһилиэгиттэн төрүттээх Алексей Агаповка аналлаах, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын былааннарын чэрчитинэн «Үтүө ааты үйэтитии» төгүрүк остуол буолла. Манна олоҥхоһут аатын үйэтититиигэ, Алексей Агапов туһунан истиҥ иһирэх кэпсэтии буолла. Амматааҕы Оҕо искусстватын оскуолатын уһуйааччыта, искусствоведение наукатын кандидата Виктория Григорьева, Амма улууһун «Уус түһүлгэтин» салайааччыта, норуот маастара Степан Устинов, Федот Потапов аатынан Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтин «Үйэтитии» бырайыак куратора Дария Иванова, олоҥхоһут, импровизатор Алексей Агапов аймахтара кыттыыны ыллылар.
Кырыымпаҕа Амматааҕы оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыта Ольга Рязанская, Россия бастыҥ баяниһа Василий Неустроев, тойукка, чабырҕахха «Күөгэйээнэ» фольклорнай ансамбыл уус-уран салйааччыта Александра Артемьева, олонхоҕо Виктория Григорьева, М. Носов эскизтэринэн сахалыы таҥаска Дария Иванова маастар-кылаастары ыыттылар.
Бу күн үлэбитин «Күн оһуохайа» түһүлгэ оһуохайынан түмүктээтибит.
Бу күн биһиги ыалдьыттарбытын сылаас аһынан хааччыйбыт олохтоох дьаһалта, тыа хаһаайыстыбатын кооперативыгар, «Колосок» оҕо саадыгар уонна асчыт кыргыттарбытыгар Елена Грязнухинаҕа, Александра Гороховаҕа, Саргылана Местниковаҕа, ыалдьыттарбыт массыыналарын 50 кыраадыстаах тымныы күҥҥэ гараһынан хааччыйбыт дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит.
«Кулун атах култуурата, өбүгэ быстыбат ситимэ» бырайыакпыт нэһилиэк дьоно түмсүүлээх буоларыгар эмиэ көмөлөһөр.
Евдокия ПЛАТОНОВА, М.А. Ноговицын аатынан
«Тускун» сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта, Болугур, Амма.