Г.Г. Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолатыгар технология нэдиэлэтин чэрчитинэн бэйэ йогурдун оҥоруу маастар кылааһа ыытылынна. Дьиэ усулуобуйатыгар бэйэ йогурдун оҥоруу туһунан 10 кылаас үөрэнээччитэ Катя Винокурова кэпсээтэ. Катя оскуола маастара Винокурова Капитолина Константиновнаны кытта дьиэ усулуобуйатыгар йогурт оҥорон боруобалаабыттар.
Бастаан йогуртница диэн анал тэрили ылан туох баар быраабылатын тутуһан оҥорбуттар. Оҥоһуллан тахсыбыт йогурт атыы йогуруттан тугунан да уратыта суох эбит. Ол гынан баран, наһаа уһуннук оҥоһуллар буолан, биир сүрүн итэҕэһэ — наһаа элбэх уоту (киловаты) сиир буолан электричество төлөбүрүгэр охсуулаах. Ол иһин судургутук уонна түргэнник оҥорор ньыманы толкуйдаабыттар.
Катялаах дьиэ кэргэннэрэ ынахтаах ыал буолан, ынах үүтүттэн оҥоһуллар йогурду оҥорорго ыарырҕаппатахтар. Оҥорор ньыматын туһунан сиһилии кэпсээн баран, кэлбит үөрэнээччилэри, учууталлары йогурдунан күндүлээтэ.
Истээччилэр сип-сибиэһэй, сугун отонноох бэйэ оҥоһуута йогурду олус минньигэһиргэтэ амсайдылар. Учууталлар маннык йогурду оҥорон, атыылаан, бизнес тэриниэн сөбүн сүбэлээтилэр. Оттон оҕолор атыылаһыах этибит диэн үөрдүлэр.
И. Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.