Таатта улууһугар «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтигэр 2010 сыллаахтан оҕо тэрилтэтэ — сайдыы, түмсүү төрдө буолар диэнинэн салайтаран «СИТИК» — «Сиэрдээх, Иллээх Таатта Инники Кэскилэ» диэн оҕо тэрилтэтин тэрийэн үлэлиир.
«Ситик» оҕолоро тэрилтэ ыыппыт «Кыайыы ыллыгынан» бырайыагар кыттыһан ону олоххо киллэрдилэр. Хас биирдии уһуйуллааччыга «Туруоруммут сыалгын ситистэххинэ, бу эн кыайыыҥ, инники былаанын үктэлэ буолар» диэнинэн салайтаран араас быыстапкалары, күрэхтэри, араас таһымнаах тэрээһиннэри ыыталлар. «Ситик» оҕо тэрилтэтин хас биирдии оҕото тус-туһунан майгылаах, сатабыллаах, дьоҕурдаах, талааннаах, санаалаах. Ол гынан баран барыларын биир идиэйэ, бырайыак түмэр. «Ситик» оҕолоругар, эргиччи өттүнэн сайдыылаах, ыытыллар үлэлэргэ бары сатабылларын киллэрэн үлэлии үөрэнниннэр диэн тэрилтэ иитэр-үөрэтэр, сайыннарар тэрээһиннэрин ыытталлар. Бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, булан-талан, сценарийдаан, иилээн-саҕалаан ыыталларыттан олус диэн астыналлар. Хас биирдии тэрээһин кэнниттэн улахан кыайыыны ситистибит дэһэллэр. Бу буолар кыайыы, оҕо санаабытын, толкуйдаабытын олоххо киллэрдэҕинэ, “мин ситиһиим, кыайыым” диэн үөрэрэ, өссө тугу эрэ оҥорбут киһи диэн санаа үөскүүр.
Ситик оҕолоро улууска, республикаҕа ыытыллар оҕо тэрилтэлэрин бары тэрээһиннэригэр активнайдык кытталлар. Ол курдук, 2010 сылтан 104 төгүл араас күрэхтэргэ кыттан миэстэлэһэн, анал ааттары ылан, бастыҥ лидер оҕолору таһааран үөрүү көтөллөөх үгүс элбэх уустуктары ааһан айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар. Ситик өссө биир саамай улахан ситиһиитинэн буолар 127 оҕоҕо куорсун анньан, билии-көрүү иҥэрэн, дьоҕурдарын, талааннарын арыйан, доҕордуу сыһыаны олохтоон таһаарбыт выпускниктара буолар. Хас сыл аайы төрөөбүт төрүт түөлбэлэригэр дойдубут араас муннуктарыттан кэллэллэр эрэ көрсүһүүлэри тэрийэллэр. Выпускниктар ханнык баҕарар олох тиэмэтигэр, ким туох үөрэххэ үөрэнэринэн санаа атастаһаллар, сүбэ-саргы буолаллар, ыйытыктарга эппиэттииллэр. Саас аайы оскуоланы бүтэрэн барааччыларга выпускниктар стипендия олохтууллар, умнуллубат кэрэ бэлэхтэри оҥороллор.
Бу буолар уһуйааччы ситиһиитэ — оҕолор бэйэ-бэйэлэрин сүтэрсибэккэ куруук көмөлөсүһэ сылдьаллара, доҕордуу сыһыан уҕараабакка, сылтан сыл күүһүрэрэ, олоххо сыалларын туруорунан ситиһиилэрэ.
Медиа студия “Сатабыл”, “Сатабыл” оҕо айымньытын дьиэтэ.