Павловскай орто оскуолатын алтыс кылааһын уолаттара «Күндэл» үҥкүү куруһуогар хаһыс да сылын дьарыктаналлар. Куруһуок салайааччыта, хореограф Саргылана Павлова туруорбут «Боотур» үҥкүүлэринэн араас таһымнаах күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ кытталлар.
Тохсунньу 14-15 күннэригэр дойдубут киинигэр Москуба куоракка ыытыллыбыт «Кыһыҥҥы оонньуулар» бэстибээлгэ бастаан кэллилэр. Бу күрэх араас норуоттары түмэн, үҥкүү абылаҥын нөҥүө араас омук култууратын көрдөрдө. Дойдубут араас муннугуттан элбэх оҕону биир былаһааккаҕа муста.
Оҕолор дойдубут тэбэр сүрэҕэр, саҥа дьыллыы киэркэйбит Москуба бэлиэ сирдэрин устун үөрэ-көтө күүлэйдээн олус астыммыттар. Бу туһунан оҕолор санааларын үллэстэллэр.
Айсен Федоров, Павловскай орто оскуолатын VI кылааһын үөрэнээччитэ:
— Уопсайа 14 уол буолан олус үчүгэйдик сылдьан кэллибит. Тиийбит күммүтүгэр аан бастаан Кыһыл болуоссакка сылдьыбыппыт. Саҥа дьылга киэргэммит Москуба куораты сөҕө көрдүм. Бэстибээлгэ араас куораттан кыттааччы бөҕө кэлбит этэ. Улахан сыанаҕа кыттарбытыттан олус долгуйбуппут.
Тимур Колосов, Павловскай орто оскуолатын VI кылааһын үөрэнээччитэ:
— Сөмөлүөккэ аан бастаан көттүм. Олус долгуйбутум. Дойдубут киинэ олус улахан уонна кэрэ көстүүлээх куорат эбит. Москубаҕа халлаан сылаас эрээри, тыала тымныы этэ. Кыһыл болуоссаты саамай сөбүлүү көрбүтүм. Зоопаркаҕа, океанариумҥа, “Кидзания” оонньуур сиргэ сылдьыбыппыт, хас да мэндиэмэннээх “Москва сити” тутууну көрбүппүт. Алта эрэ күн иһигэр да буоллар, наһаа үчүгэйдик сылдьан кэллибит.
Валерия Барабанова, Павловскай орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ.