Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолата бүгүн үүнэр-сайдар, саҥа саҕахтары арыйар. Ханнык баҕарар дойдуга, норуокка оскуола сураҕырар үтүө үлэһит буола үүммүт махталлаах үөрэнээччилэринэн. Биһиги оскуолабыт историята 1997 сылтан саҕаламмыта.
Майатааҕы гуманитарнай оскуола арыллан, үгүс көлүөнэ ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарбыта. Бу 25 сыл иһигэр үлэлээн ааспыт уонна айа-тута сылдьар салайааччыларбыт, учууталларбыт туох-баар сатабылларын, билиилэрин, уопуттарын, кыһамньыларын оҕо иитиитигэр, оскуола сайдыытыгар ууран кэллилэр. Ону оскуола араас сылларга ылбыт үрдүк наҕараадалара, ситиһиилэрэ, граннара туоһулууллар. Үөрэммит биһиктэрин аар-саарга ааттата сылдьар, идэлэрин толору баһылаабыт бастыҥ выпускниктар.
Тохсунньу 14 күнүгэр тапталлаах оскуолабытын бүтэрбит выпускниктар, үөрэнээччилэр, убаастанар үлэлээн ааспыт үлэһиттэр, уопсайа 91 буолан сиэттиспитинэн, үтүө-мааны дьоммут ыалдьыттаан аастылар. «Сүрэхпэр баар доҕотторбунаан…» диэн тиэмэлээх выпустар көрсүһүүлэрэ буолан ааста.
Уруккуну-хойуккуну истиҥник санаһан, ирэ-хоро дуоһуйа кэпсэтэн, оскуолатааҕы сылларын ахтан- санаан аастылар, бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин эттилэр. Бу маннык көрсүһүү сылын аайы үгэскэ кубулуйан үөрэнээччилэри, үлэһиттэри түмэ туруо турдаҕа.
«ОхлопковNews» юнкорпост, Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолата.