Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата 2022-2023 саҥа үөрэх дьылыгар 5-6 саастаах оҕолору кытта дьарыктанарга анаан «Чуораанчык алта дьарыга» диэн методическай сүбэни бэчээттээн таһаарбыта. Саха оҕотун, саха ыалын, тыа сирин олоҕун ис тутулуттан оҥоһуллан тахсыбыт алта дьарык – «Саха ыала», «Ыйдар суолталара. Саха сиэрэ-туома», «Чэбдик өй-санаа», «Ийэ уонна кыыс», «Аҕа уонна уол», «Саҥа дьыл» — «Чуораанчык» сурунаал 2022 сыл иккис аҥаарыгар 7, 8, 9, 10, 11, 12 №-гэр толору бэчээттэнэн таҕыста. Алта бэлэм методическай ыйынньыктаах «Чуораанчык» сурунаал өрөспүүбүлүкэ үгүс оскуолаларыгар, оҕо саадтарыгар иитии программатын сүрүн тосхолунан буолла.
Оҕо аан бастаан киэҥ эйгэни арыйар сирэ – оҕо саада. Манна кини сайдар, иитиллэр эйгэтин тэрийиигэ улахан болҕомто ууруллар. Үөрэхтээһин федеральнай государственнай стандарда оҕо айар-тутар кыахтаныытыгар, дьоҕурун арыйан сайдарыгар, саҥаны-сонуну билбитин тус бэйэтин сайдыытыгар сатаан туһанарыгар кыаҕы биэрэр.
«Чуораанчык алта дьарыга» методическай сүбэ иккис таһаарыытыгар оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин стандардын биэс уобалаһа бэриллэр – «Киһи-аймах эйгэтигэр киирэн, оҕо сайдыыта, дьоннуун алтаһыыта, бодоруһуу», «Оҕо билиитин-көрүүтүн сайыннарыы», «Оҕо тылын сайыннарыы», «Оҕо кэрэни өйдүүр дьоҕурун сайыннарыы», «Оҕо этин-сиинин сайыннарыы».
Ааптарскай бөлөх – Дьокуускайдааҕы 23 №-дээх “Цветик-Cемицветик” оҕо саадын иитээччилэрэ, логопедтара, психологтара – иитэр-сайыннарар үлэни торумнаан, оҕо тус бэйэтин баҕатынан салайтаран бодоруһар, бэйэтин сөпкө сыаналанар, билинэр, айар-тутар дьоҕурун, толкуйун сайыннарар эйгэтин тэрийэр үлэлэрин уопутун билиһиннэрэр.
Бу барыта түмүллэн, алта тиэмэҕэ аттарыллан, 2023 сыл бастакы аҥаарыгар «Чуораанчык» оҕо сурунаалын 1, 2, 3, 4, 5, 6 №-гэр бэчээттэниэхтэрэ.
Алта дьарык матырыйаалыгар үөрэхтээһин федеральнай государственнай стандардын региональнай компоненыгар сөп түбэһэр плакаттар, ойуулар, дьарыктар, остуоруйалар, хоһооннор, ырыалар баай буолуохтара.
Методическай сүбэ быһыытынан киирбит оҕо сайдыытын биэс уобалаһа төрөппүт оҕотун кытта тэҥҥэ олорон дьарыктанарыгар, оҕо саадын үлэтин кытта ситимнээх үлэни ыытарыгар туһалаах уонна көмөлөөх буолуоҕа.
«Чуораанчык алта дьарыга-2» методическай сүбэ С.Н. Донской-II аатынан СӨ үөрэҕин сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институтунан мэктиэлэннэ.
keskil14.ru