Сыл аайы үөрэх дьылын бүтүүтэ оскуола 9, 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ экзамен туттараллар. Онтон биирдэстэрэ ОГЭ дэнэр. Ол аата тугуй? Бэйэм ааҕан, истэн билбиппиттэн keskil14.ru cайт ааҕааччыларыгар кэпсиэм.
Бу хас биирдии 9-с кылааһы бүтэрэр оҕо ааһыахтаах сүрүн судаарыстыбыннай эксээмэнэ буолар.
Туох суолталааҕый? Үөрэнээччи 9 сыл тухары үөрэммит билиитин бэрэбиэркэлээһин буолар.
ОГЭ 4 эксээмэнтэн турар, тутаах предметтэрэ — нуучча тыла уонна математика. Онно өссө эбии 2 предмети оҕолор бэйэлэрэ талан ылаллар. Үөрэххэ туттарса бараары сылдьар буоллаххытына, үөрэниэхтээх кыһаҕыт ирдиир предметтэрин талаҕыт.
ОГЭ сорудахтарын ким оҥороруй? «ФИПИ» диэн түмүктүүр хонтуруолунай үлэлэри оҥорор институт баар. Ол fipi.ru диэн сайтыгар дьиҥнээх экзамен сорудахтарын таһаараллар. Өссө биир oge.sdamgia.ru диэн сайт баар. Дьэ манна киирэн бэйэҕит билиигитин бэрэбиэркэлэниэххитин сөп.
Арай сатаан ааспатыҥ? Сатаан ааспатах үөрэнээччи сайыҥҥы эбэтэр күһүҥҥү пересдачаҕа (хос туттарыыга) барар, онтон ол иккиэннэрин ааспатаҕына, кылааһыгар хаалар.
ОГЭ диэн тугун бэйэм өйдүүрбүнэн быһаардым. Онон эксээмэни туттаран, 9 кылааһы бүтэрэр курдук эрдэттэн үчүгэйдик аналлаах справочниктарынан, сайтарынан киирэн эрчиллиэххэ наада.
Ситиһиилэри баҕарабын!
Илона Руфова, 9 кылаас, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү орто оскуолата, «Эрчим» корпост.