Ахсынньы ыйбыт аан туманынан оргуйан кэллэ. Тымныы оҕуһун тыына оргучуйан олорор. Орто Халыма улууһугар Өлөөкө-Күөл орто оскуолатыгар тымныыттан сибээстээн ааспыт нэдиэлэҕэ хас да күҥҥэ дистанционнай үөрэх күннэрэ турдулар. Онон оҕолор (кыра кылаастар) дьиэлэригэр сытан уруок аахтан, дьиэ үлэлэрин толорунан букунастылар. Оттон оскуолабыт иһиллээбиттии иһийдэ. Улахан кылаастар бааллара-суохтара биллибэт уу-чуумпу дьон.
Тымныыбыт арыый да намыраабытыгар оскуолалыыр суолунан оҕо-аймах үөрэ-көтө, күйгүөрэ аалыҥнаһыы. Ахтыспыт дьон чуопчаарар саҥалара, киэҥ коридорга сүүрсүүлэрэ, быычыгыраччы күлсүү-салсыы оскуоланы толордо.
Бэһиэлэй бэһистэртэн, айдааннаах алтыстартан дьиэттэн үөрэнэр үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу ыйыттахха, бары күргүөмүнэн «суох!» дииллэр. Тоҕотун туоһуластахха, «оскуолабытын ахтабыт» дииллэр.
Онон ахтылҕаннаах оскуолаларыгар үөрэ-көтө үөрэнэн, кэлэн иһэр Саҥа Дьылы үөрэх бастыҥнара буолан Тымныы оҕонньортон бэлэх ылан сүргэлэрэ көтөҕүллэн, дьоннорун үөрдэн үүнэр 2023 сылы көрсүөхтэрэ диэн эрэнэбит.
И. Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл Б.