Быйыл биһиги 5 кылаас буоллубут. Саҥа элбэх учууталлар үөрэтэллэр. Улахан кылаастар бэһис кылаас буолбуппут иһин наһаа үчүгэй тэрээһин оҥорбуттара. Ол саамай үчүгэй тэрээһин этэ дии санаабытым.
Биһигини оонньоппуттара, араас элбэх станция толкуйдаабыт этилэр. Ол станцияларга биһиги хамаандаларга арахсан баран, сиэттиспитинэн бары станциялары көрдүү сүүрбүппүт. Онно активистар кэтэһэн тураллар этэ. Сорудах биэрэн баран, төһөнөн үчүгэйдик оҥоробут да, соччонон элбэх балл туруорбуттара. Ким элбэх балл ылбыт, ол хамаанда кыайыаҕа диэбиттэрэ уонна бүтэһигэр бары кыайбыппыт – доҕордоһуу кыайда диэбиттэрэ. Оҕолорго барыларыгар бэлэх туттарбыттара. Онно тэтэрээт, ручка, сакалаат, чупа-чупс, чокопай баар этэ. Биһиэхэ маннык үөрүүнү бэлэхтээбит “Эрэл” оҕолоругар махтал диибин.
Сахаяна Васильева, М.Е. Васильева аатынан
2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ.