Сэтинньи 20 күнүгэр «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр Кэбээйи нэһилиэгин «Тэлээрис» үҥкүү ансаамбыла С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Национальнай үҥкүү тыйаатырын артыыһа, СӨ култууратын туйгуна Дьулустаан Харлампьев “Өбүгэ үгэһэ” диэн айар киэһэтигэр кыттан кэллилэр.
Үҥкүү тыйаатырын эр дьонун бөлөҕө, «Аар Аартык», “Гулун”, “Өркөн”, “Эрэл”, “Умсан” үҥкүү ансаамбыллара “Боотурдар үҥкүүлэрэ”, “Саха оонньуулара”, “Ойуун”, “Сүр көтөҕүүтэ”, “Кыыл Таҥара”, “Булчуттар”, “Дүҥүрдээх үҥкүү”, “Тыва истиэбигэр”, о.д.а. тэтимнээх, эрчимнээх үҥкүүлэри көрдөрдүлэр.
Маны таһынан, саха эстрадатын эр дьон ырыаһыттара эмиэ кыттыыны ыллылар. Биһиги билэрбитинэн, Дьулустан Харлампьев удьуор үҥкүүһүт уонна үҥкүүнү туруорааччы. Төрөппүттэрэ Александра Николаевна уонна Дмитрий Григорьевич Харлампьевтар эмиэ үҥкүүһүттэр. Билигин З.К. Степанов аатынан Кэбээйитээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатыгар үлэлииллэр.
Кэнсиэр бүтүүтэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Винокуров оһуокай тылын таһааран, көрөөччүлэр бука бары эрээттэринэн туран, астына-дуоһуйа оһуокайдаатылар.
Биир дойдулаахпытыгар Дьулустааҥҥа Кэбээйи нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо диэн үрдүк аат бэриллибитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.