Саха норуотун биир бастыҥ, киэн туттар киһитэ, бастакы Президеммыт Николаев Михаил Ефимович быйыл 85 сааһын туолла.Мин «Сосновый Бор»лааҕырга «Медиавызов» сменаҕа кэлэн, Президент үбүлүөйдээх дататыгар ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ кыттыбыппын астына кэпсиибин. Бастакы Президент сахатын норуотугар элбэх саҥаны киллэрбитэ, дохсуннук сайдыбыппыт, сахабыт тыла иккистээн тиллэн, аан дойдуга Олоҥхобут биллибитэ. Саҥа, аныгы тутуулар тутуллубуттара.
Николаев М. Е. олоххо киллэртээбит элбэх бырайыактара мин олохпор элбэх сабыдыалы оҥорбуттара. «Музыка барыбытыгар» бырайыак чэрчитинэн сахалыы доҕуһуолунан Аан дойдутааҕы бэстибээллэргэ кыттан, Россия араас куораттарыгар — Сочи, Калининград, Санкт-Петербург, Москва- лауреат үрдүк аатын ылан, сахалыы фольклору билиһиннэрэн, Санкт-Петербург улахан сыанатыгар улахан бэйиэт Ойуунускай айымньытын сахалыы доргуччу ааҕан кэлбит күннэрбин киэн тутта ахтабын. Түөрт сыл Малая Академия Наук РС(Я) Өктөмҥө баар Ленский Край лааҕырга ситиһиилээхтик үөрэммитим.Президент музей- библиотекатын сөҕө көрбүтүм. Мин Михаил Ефимович Николаевы холобур оҥостобун, кини Саха сиригэр оҥорбут кылаата умнуллуо суоҕа. Ис сүрэхпиттэн истиҥ иһирэх эҕэрдэбин тиэрдэбин!
Адамов Олег,
X кылаас,
«Медиавызов» смена иитиллээччитэ