10-а кылаас оҕолоро уонна «Кэскил» медиа-оскуола оҕолоро П.Д. Аввакумов аатынан киин библиотека тэрийбит «Дьиэ кэргэн реликвията сүрэх өйдөбүлэ» биир предмет күнэ тэрээһиҥҥэ кытыннылар.
Үөрэнээччилэр өбүгэлэрин, дьиэ кэргэнин историятын билэригэр ананна. Тэрээһин кыттыылаахтара Родион Саввинов, Евдокия Текеянова, Анастасия Ноговицына, Мария Ноева өбүгэлэриттэн эбээлэриттэн, эһээлэриттэн хаалбыт дьиэ кэргэн ытыктаан, харыстаан илдьэ сылдьар малларын-салларын туһунан кэпсээтилэр, билиһиннэрдилэр. Ол курдук көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибит кыһыл көмүс киэргэллэртэн саҕалаан араас туттар тэриллэри көрдөрдүлэр.
Тэрээһин кыттыылаахтара аҥардас экспонаттар эрэ тустарынан буолбакка, үгүс дьиэ кэргэттэр тустарынан, төрөөбүт тылы үөрэтиигэ элбэҕи иһиттилэр, биллилэр. Онтон хас биирдии дьиэ кэргэн бу биһиги дойдубут историятын биир быстыспат ситимэ буолар.
«Кэскил» медиа-оскуола.