Соторутааҕыта ыччат сөбүлээн истэр «Snow Voice» бөлөҕө Бороҕоҥҥо кэлэ сылдьыбыта. Быйыл олунньу ыйга бөлөх састаабыгар Уус Алдан Сыырдааҕыттан төрүттээх Ваня ШИРЯЕВ киирбитэ. Салгыы киниттэн ылбыт интервьюбун сэргээҥ.
– Эн хас сааскыттан ыллыыгыный?
– Сыанаҕа аан бастаан алын кылааска сылдьан тахсыбытым. «Тус хоту» диэн ырыаны куруук толорор этим.
– Тоҕо ырыаны талбыккыный? Холобур, үҥкүүнэн дьарыктаммакка?
– Бэһис кылааска брейк-данска сылдьыбытым, ол гынан баран, ырыаны быдан ордорор эбиппин дии санаабытым.
– Бу иннинэ Андрейы, Мишаны уонна Эрхааны кытары билсэр этиҥ дуо?
– Андрейдыын биир оскуолаҕа үөрэммиппит, Эрхаанныын уруккуттан доҕордоһобут, Мишаны фотограф быһыытынан билэр этим. Онон биир тылы буларга улахан уустуга суох этэ.
– Сүгүрүйээччилэргитигэр уонна ааҕааччыларга тугу баҕарыаҥ этэй?
– Дьолу-соргуну, уостубат тапталы, умнуллубат түгэннэри, куруук үөрэ- көтө сылдьаргытыгар баҕарабын.
«Snow Voice» бөлөххө истиҥ ырыалары, элбэх сүгүрүйээччилэри, баҕа санааҕыт туоларыгар!
Айталана ПУХОВА,
VII кылаас,
В.А. Протодьяконов-Кулантай
аатынан орто оскуола.
Майаҕас, Уус Алдан.