Дойду Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин бу дьыл балаҕан ыйын 21 күнүнээҕи Ыйааҕынан РФ олохтоохторугар быстах хомуур (мобилизация) биллэрилиннэ. Арассыыйа субъектарыгар анал көрүллүбүт квотанан бу дьаһалга хабыллар дьону бэбиэскэнэн хомуйуу саҕаланна, саҕалана турар.
Ороһу нэһилиэгин олохтоохторуттан биирдиилээн хомуурга хабыллан баран эрэллэр. Оскуола кэлэктиибин көҕүлээһининэн байыастарга анаан 50 устуука аптечка суумката тигиллэн, сөптөөх эмтэринэн хааччыллан, баһыылка оҥорон ыыттылар.
Олохтоох култуура үлэһиттэринэн уонна элбэх оҕолоох эбээ, «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүтүн салайааччы Н.В. Котоконова 10-ча аптечка тигиллэн, нэһилиэктэн барар байыастарга биэрэн ыыта тураллар.
Хомуурга хабыллан барбыт уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлиэхтэрэ диэн эрэллээхпит!
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу, Үөһээ Бүлүү.