(Дьикти дьарык)
Дьоммут бу артыыстар тустарынан үгүстүк кэпсэтэллэрин өйдүүбүн. Ийэбит харыстаан, кыра эрдэхпитинэ, биһиэхэ тыыттарбакка уура сылдьыбыт итинник 50-ча аккырыыккалааҕа. Улаатан, оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, балар миэхэ тиксибиттэрэ. Онтон ылата мунньарбын саҕалаабытым. Ийэбит биһигини иитиитин биир көрүҥэ итинэн эрэ бүппэт, дьиэ кэргэҥҥэ бырааһынньыктарга кэлэр эҕэрдэ аккырыыккалары ууран испит. Онон аймахтарбыт, дьоммут доҕотторо-атастара ханна баалларын эндэппэккэ билэрбит. Холобура, мин төрүөхпүттэн сылдьар аккырыыккалар бааллар. Кэлин биһиги ону салҕаан, билигин кэллиэксийэбитигэр 400-кэ араас аккырыыкка баар.
Өйдөбүл
Ийэбин олус таптыырым, ытыктыырым бэрдиттэн, сылаас өйдөбүл гынан, кини иилинэ, кэтэ сылдьыбыт ытарҕаларын, биһилэхтэрин, броштарын, оҕуруоларын көрдөрүүгэ туруорабын. Хас биирдии ытарҕа, биһилэх ийэм холку майгытын, хатыламмат кэрэтин уонна оччотооҕу кэми толору арыйаллар. Киэргэллэр олус боростуой оҥоһуулаахтар эрээри ис-киирбэхтэр, кыраһыабайдара сүрдээх. Бу маллар биһиэхэ олус күндүлэр. Бэл диэтэр, ийэм олус сөбүлээн кэтэ сылдьан, сүтэрбит ытырҕатын аҥаарын харыстаан уурбута баар.
Дьиҥэр, ийэм маллара, мунньуулара олохпут устуоруйатын кэрэһиттэрэ буоллахтара.
Мунньуу алыба
Мунньуу алыбыгар 2013 сылтан ылларбытым. Сүүтүк мунньуутунан үлүһүйбүтүм. Бэйэм анал үөрэхтээх иис идэлээхпин. 10 сыл иистэнньэҥинэн үлэлээбитим. Онтон олох уларыйан, үлэлиир тэрилтэм эстэн хаалбыта.
Оскуолаҕа үлэлии киирбитим. Онно да сылдьан, иистэнэрбин тохтоппотоҕум. Биһиги, иистэнньэҥнэр, саамай биир туттар тэрилбит сүүтүк.
Бастакы үрүҥ көмүс сүүтүкпүн, иистэнэр эрдэхпинэ, кырдьаҕас эдьиийим бэлэхтээбитэ. Оо, онно үөрдүм да этэ. Онтон ылата сүүтүктэринэн «ыалдьан» барбытым.
Бииргэ үлэлиир дьүөгэлэрим ханна эмэ бардылар да, мунньарбын билэр буолан, кэһиилэрин сүүтүк аҕалар буолбуттара. Оскуолаҕа үлэлии сылдьан, араас тэрээһиннэргэ, кэнсиэртэргэ анаан, учууталларга, оҕолорго таҥас тигэрим. Ханна эмэ баран кэнсиэртээн, быыстапкаларга кыттан кэллэхтэринэ, сүүтүгүнэн кэһиилэнээччилэр. Иистэнэр, мунньар киһиэхэ онтон ордук наҕараада суох курдук буолааччы.
Мунньар ыстааһым, атыттарга холоотоххо, кыра. Онон 120 устуука араас сүүтүктээхпин. Сүүтүгү мунньааччылар сир аайы бааллар. Олору кытта быыстапкаларга көрсөн кэпсэтэбит, атастаһабыт. Мунньар дьон дьикти айылгылаахтар. Өрүү көрдүү, наадалаахтарын ыйыталаһа, ымсыырбыттарын була сатыыр үгэстээхтэр. Наадыйбыттарын өр көрдөөн буллахтарына – кинилэр саҕа дьоллоох дьон суох буолар. Иллэҥ кэмнэригэр кэллиэксийэлэрин сааһылааһын, сыымайдааһын саҕа дьикти түгэн кинилэргэ эрэ баара буолуо. Хас биирдии сүүтүк дуу, аккырыыкка дуу, значок дуу устуоруйатын, хантан, кимтэн булбуккун, бэлэхтэппиккин чуолкай билэҕин, өйдүүбүн.
Күндүлэрим
Сыаналаах сүүтүк элбэх. Олортон, билиҥҥи кэмҥэ, норуот маастардара оҥорбуттара үрдүкү тураллара буолуо. Кыһыҥҥы уһун өрөбүллэргэ кыргыттарбыныын сүүтүктэри толкуйдаан, бэйэбит оҥоробут. Ол курдук туоһу, араас кыра таастары, оҕуруолары, таҥастары туһанабыт. Онтуларбытын быыстапкаларга туруорарбыт таһынан, атастаһыкка хамаҕатык бараллар.
Саамай былыргы – эбэм сүүтүгэ. Эбэм сүрдээх иистэнньэҥ этэ, ордук атах таҥаһын тигэрэ. Онтон ити күндү мал иистэнэр эдьиийбэр көспүт. Дьэ онтон миэхэ бэриллибитэ. Сүүтүк былыр-былыргыттан баар буоллаҕа. Араас дойду иистэнньэҥнэрэ бары туттан кэллэхтэрэ. Олорго маарыннатан, сувенирнай сүүтүктэри оҥороллор. Балар, билиҥҥи кэм ирдэбилинэн, саамай сыаналаахтар. Кыргыттарым, иистэнэрбин, мунньарбын билэр буоланнар, ханна эмэ баран кэллэхтэринэ, сүүтүк булан аҕалаллар.
Кэллиэксийэни мунньар олус интэриэһинэй. Устан ааһар олох биир тооромоһун илдьэ сылдьар буоллахпыт. Быыстапкаларга кыттан, дьону-сэргэни кытта билсэбит, билиибитин хаҥатабыт. Ону таһынан хайдах харайарга, сааһылыырга үөрэнэбит. Биир сүрүнэ – олох устуоруйатын кэрдиис кэмигэр олус наадалаах дьарыктаах дьон буолабыт.
Иван АНДРОСОВ.