Алтынньы 1 күнүгэр, Аҕам саастаахтар күннэригэр, Булуҥ улууһун Бороҕон орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна нэһилиэк эдэр ыччата саастаах дьоҥҥо, кырдьаҕастарга көмөлөстүлэр, мас хайыттылар, саһаан туруордулар, уу бастылар.
Көмө ылбыт аҕам саастаах дьон оҕолорго махталлара муҥура суох, ону бу суруктара туоһулууллар:
— Сэрии сылын оҕотугар Баланов Гавриил Иннокентьевичка оскуола тимуровскай хамаандата маһын хайытан, саһааннаан, отторго бэлэмнээн кыстаан бардылар. Оҕолорбут барахсаттар үчүгэйдик үөрэниҥ, үгүс ситиһиилэниҥ, чэгиэн сылдьыҥ, дьоллоох буолуҥ.
— Тимуровскай хамаанда биэдэрэнэн биир буочукаттан ордук ууну ыраахтан баһан аҕалбыттарыгар соһуйдубут, сөхтүбүт. Үөрэнээччилэргэ, педагогтарга улахан махталбытын этэбит. Үчүгэй үөрэҕи, үлэни, ситиһиини баҕарабыт, дьоллоох буолуҥ.
— Үөрүүттэн үөрүү — ыччаттар аны сир быйаҥын, үрүҥ аһы улахан кэһии гынан аҕалан күндүлээтилэр. Махтанабыт, бары дьоллоох буолуҥ.
— Оҕолорбут бырааһынньыгынан киирэн эҕэрдэлээбиттэригэр наһаа үөрдүм.
— Оҕолорго ситиһиилээх үөрэҕи, доруобуйаны. Бу курдук өрүү болҕомтолоох буолуҥ.
— Саастаах дьоҥҥо кыһанар оҕо — ол инникилээх, ситиһиилээх, дьоллоох буолар.
— Маспытын эрбээбит бырааппытыгар Бурцев Василий Николаевичка, күтүөттэрбитигэр Аммосов Иван Максимовичка, Соловьев Дмитрий Дмитриевичкэ, Шадрин Сергей Сергеевичкэ барҕа махтал! Дьоллоох буолуҥ, этэҥҥэ сылдьыҥ.
keskil14.ru