Биһиги бүгүн кылааһынан эбээлэрбитигэр уонна эһээлэрбитигэр анаан ойуурга туос хомуйан киирдибит.
Айылҕаҕа үчүгэйин! Манна биир дьиктибит диэн сорох оҕолор чыычаах уйатын саҥа көрдүлэр. Эмискэччи көрө түстүбүт ээ… Өссө туостуу сылдьан, наһаа элбэх хаастары көрдүбүт.
Ити курдук пакеттарбытын бары толордубут уонна наһаа үөрдүбүт. Хомуйбут туостарбытын Аҕам саастаах дьоннор күннэригэр диэн эбээлэрбитигэр, эһээлэрбитигэр бэлэхтээтибит.
Күһүҥҥү айылҕаҕа дуоһуйа сынньанныбыт .
Кристина Латышева, 4- с кылаас үөрэнээччитэ.
Малдьаҕар, Хаҥалас улууһа .