Ороссолуода орто оскуолата Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар бастакы арыллыбыт оскуоланан буолар. XVII үйэҕэ сахалартан биир бастакынан биллиилээх меценат Герасим Иванович Соловьев Илин Хаҥалас улууһугар кулубанан талыллан үлэлээбитэ.
Кини 1872 сыллаахха Ороссолуодаҕа тус бэйэтин үбүнэн норуодунай училищены туттарбыта. Оскуоланы туттарарга Соловьев Г.И. икки тыһыынча солкуобайы ороскуоттаабыт эбит. Инникини түстүүр меценат өссө Дьокуускай куоракка дьахталлар гимназияларын үбүлүүргэ көмөлөспүт.
Быйылгы үөрэх дьылыгар оскуолабыт Герасим Иванович Соловьев аатынан орто оскуола диэн ааты ылбытын бары үөрэн туран иһиттибит. Сотору кэминэн оскуолабыт төрүттэммитэ 150 сылын туолар. Бу үбүлүөйгэ бэлэмнэнэн меценат Герасим Иванович Соловьевка бэлиэ бюст арыллыытын бырааһынньыга ыытылынна. Оскуола үөрэнээччилэрин, учууталлары нэһилиэкпит баһылыга И.В. Макаров, оскуолабыт дириэктэрэ М.М. Окороков эҕэрдэлээтилэр. Улахан тэрээһиҥҥэ үөрэнээччилэр Г.И. Соловьев бюһугар сибэкки уурдулар.
Оҕолор ситиһиилээхтик үөрэнэн нэһилиэкпитин, улууспутун ааттатар дьон буолуохпут диэн инникини түстээтилэр.
Нарыйаана ТАТАРИНОВА, 7 кылаас үөрэнээччитэ, эдкор.
Ороссолуода оскуолата, Мэҥэ – Хаҥалас улууһа.