Балаҕан ыйын 27 күнэ – Саха норуотугар ураты суолталаах күн. Бу күн өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит бөдөҥ политическай деятеллэр үлэлэрин туһунан ахтан-санаан ааһабыт. Маннык дьонтон биирдэстэрэ, Саха АССР норуодунай комиссардарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Коммунистическай партия Саха сиринээҕи обкомун бастакы сэкирэтээрэ Илья Егорович Винокуров. Бүгүн кини паамытынньыгар сибэкки дьөрбөтө уурулунна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ промышленность уонна геология миниистирэ Максим Терещенко, Мандат уонна регламент хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Николаев, Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, о.д.а. кытыннылар. Ыалдьыттар И.Е. Винокуров өрөспүүбүлүкэҕэ оҥорбут кылаатын уонна дойдуга бэриниилээх буолуу туһунан сырдаттылар.
Маны тэҥэ Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын Х кылааһын үөрэнээччилэрэ патриот диэн ким буоларын, сомоҕолоһуу диэн тыл суолтатын хайдах өйдүүллэрин, дойдубут аны 100 сылынан хайдах буолуоҕун туһунан санааларын үллэһиннилэр:
Дархан Карпов, Х кылаас:
– Патриот диэн дойдутугар бэриниилээх, ханнык баҕарар түгэҥҥэ ийэ сирин харыстыыр, көмүскүүр киһини этэллэр. Мин 100 сылынан дойдум өссө үүнэ-сайда, чэчирии турарын харахпар ойуулаан көрөбүн. Ис сүрэхпиттэн өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут олоҕо тупсарын уонна этэҥҥэ буоларын баҕарабын!
Айгыына Эльберякова, Х кылаас:
– Патриотизм диэн дойдуга таптал дииллэр. Ол эрээри, мин тус бэйэм, дойдуга таптал эрэ буолбатах дии саныыбын. Бу тапталтан өссө күүстээх өйдөбүл. Ханнык да балаһыанньаҕа дойдугар бэриниилээх буолуу, кини сайдарын туһугар үөрэх ылынныы, онтон үлэни өрө тутуу буолар.
Евгений Афонский, X кылаас:
– Патриотизм диэн төрөөбүт дойдуҥ туһугар бүтэһик тыыҥҥар диэри туруулаһыы. Мин бэйэбин патриоппун диэн сананабын. Дойду олохтоохторо биир санаалаах, биир сыаллаах үлэлээн-хамнаан бардахтарына өрөспүүбүлүкэбит сайдыы суолун тутуо дии саныыбын. Аны 100 сылынан Саха сирин дьоно баай-талым олохтоох, төрөөбүт тылларынан санааларын этэр буолуохтара диэн эрэнэбин.