Балаҕан ыйын 17 күнүгэр 11 кылаас оҕолоро төрөппүттэрбитин кытта Элгээйигэ саҥа арыллан үлэтин саҕалаабыт «Армата» диэн пейнтбольнай кулуупка баран кэлбиппит. Олус үчүгэй тэрээһиннээх, көрсүө-сэмэй үлэһиттэрдээх, удамыр сыаналардаах сир эбит. 1 чаас олус да түргэнник ааспыта!
Тэрийээччилэр биһигини хамаанданан арааран, араас сыаллары туруоран оонньоппуттара. Онно таҥаспыт кырааска буолбатын диэн барыбытыгар камуфляж таҥас, сирэйбитин харыстыыр маска биэрбиттэрэ. Буулдьа эккэр кэлэн түстэҕинэ, олуһун диэн аһыйар, ыалдьар уонна көҕөрөн тахсар эбит. Ол иһин хас да хос халыҥ таҥас кэтиэххэ наада дии санаабыппыт.
Ону таһынан тэрийээччилэр оонньууну барытын бэйэлэрэ видеоҕа усталларын уонна Telegram канаалга таһааралларын сэргээбиппит. Оҕолор бары дуоһуйа сынньаммыппыт, астыммыппыт уонна сүүрэкэлээн, оонньоон көһүйбүппүт аҕай.
Олохпутугар өссө биир умнуллубат уонна бэлиэ түгэн буолан ааспыта!
Анжелика ЕГОРОВА, 11 кылаас, Күүкэй, Сунтаар.