Биһиги төрүттэрбит халлаан сулустарынан, ый уонна күн дьиэлэниитинэн, чолбон, үргэл алтыһыыларынан, кыыллар-көтөрдөр сырыыларынан, айылҕа араас көстүүтүнэн күнү-дьылы эндэппэккэ билгэлииллэрэ. Онон түбэһиннэрэн олохторун-дьаһахтарын көрүнэллэрэ.
Күөс быстыҥа – биир чаас кэриҥэ.
Куоратчыт кэмэ – сарсыарда 4 чаас.
Күн ортото – күнүс 12 чаас.
Күн ойуута – сарсыарда 9 чаас.
Омурҕан устата – 4 чаас устата үлэлээһин.
Түүн үөһэ – түүн 12 чаас.
Тыҥ хатыыта – сарсыарда халлаан сырдыыра.
Сахаларга төгүрүк сыл 13 ыйдаах.
Ыам ыйа – ынах мэччийэн үүтэ эбиллэр.
Бэс ыйа – бэс сутукатын хаһааналлара.
Тиргэ ыйа – куһу тиргэлээн бултааһын.
Атырдьах ыйа – оту кэбиһии.
Балаҕан ыйа – балаҕаҥҥа көһүү.
Ф.П. Ефимов Дьиктилэр. Эҥин дьикти чахчылар. – Дьокуускай, 1984.
Анюта Андреева-Күндүүнэ бэлэмнээтэ.