Саха уус — уран литературатын төрүттээччитэ, суруйааччы, поэт, бөлүһүөк, уопсастыбаннай дьайыксыт Алексей Елисеевич Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй быйыл төрөөбүтэ 145 сыла. Олоҕун, айымньыларын ис хоһооно — барыта саха омуга сайдар суолун булуу, кэрдии. «Ойуун түүлэ» айымньыта, «Саха интеллигенциятыгар» суруга билиҥҥи олохпутугар да оруннаахтар. Онон суруйааччы аата күн бүгүҥҥэ диэри үрдүк суолталаах.
Ю. А. Гагарин аатынан култуура уонна ускуустуба киинигэр ыам ыйын 31 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри «Өксөкү» диэн инсталляция — быыстапка ыытыллар. Тэрээһини көҕүлэччинэн, хос сиэнэ, Анастасия Кулаковская буолар. Быыстапканы тэрийиигэ Олоҥхо тыйаатыра, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба государственнай үнүстүүтэ, «Сахафильм» хампаанньа, СӨ национальнай библиотеката кыттыыны ыллылар.
Быыстапка аныгы киһи хараҕынан көрдөххүнэ, олус уратытык тэриллибит. Манна үгэстэн кубулуйбут уонна аныгы олох ситимэ көстөр. Өксөкүлээх Өлөксөй кэс тыла кини айымньыларыгар сытар. Ол курдук, буукубалары үөһэттэн аахтаххына, хоһоонноруттан, поэмаларыттан быһа тардыылара, бэргэн этиилэрэ тахсан кэлэллэр. Кини айымньыларын хомуурунньуктара, кинигэлэр, араас ойуулар, хартыыналар бааллар. Ону таһынан, тута интэриэс үөскүүрэ диэн аныгы технологиялар көмөлөрүнэн, көтөр саҥата, киһини бөҕөргөтөр муусука иһиллэллэр. Быыстапкаҕа саха норуотун эйгэтэ ойуулааммыт диир сыыһа буолуо суоҕа.
Сахабыт чулуу дьонугар сылтан сыл араас хабааннаах, интэриэһинэй тэрээһиннэр ыытыллаллар. Эдэр ыччат кинилэр үтүө холобурдарын тутуһан, айбыт — туппут олохторун үөрэтэн төрөөбүт дойдубутугар туһалаах дьон буоларга үөрэнэбит.
Суруйда Эльдар Садовников,
Хаартыскаҕа түһэрдэ Виктория Кост