Ыам ыйын 15 күнүгэр сөбүлээн ааҕар “Кэскил”-“Бэлэм буол” хаһыаппыт төрөөбүт күнэ. Бары үлэһиттэри эҕэрдэлиибит! Айымньылаах үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Биһиги ийэбит Агафья Афанасьевна Стручкова 60-с сыллар саҕаланыыларыгар убайдарбыт оскуолаҕа киириэхтэриттэн “Бэлэм буол” хаһыаты суруйтарыаҕыттан ыла күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри тиһигин быспакка суруйтарабыт. Ол аата, оҕо хаһыатын төрдүс көлүөнэ Стручковтар ааҕаллар! Бары биһирээн туран ааҕабыт, элбэҕи билэбит-көрөбүт, ону-маны оҥорорго, баайарга, тигэргэ, ас астыырга улаханыттан кыратыгар тиийэ үөрэнэбит.
Мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан “Дьоҕур” кэтэхтэн оскуолатын сорудахтарын интэриэһиргээн суоттуур уонна мунньар этим. Кэлин учуутал, завуч буолан баран, ол матырыйаалларбын туһанан абыраммытым. Күн бүгүн сиэннэрбэр көрдөрөн оҥотторобун. 50-ча сыл устата хаһыат матырыйаалларын тус-туһунан рубриканан мунньан, билигин уруоктарбар, кылааһым чаастарыгар, төрөппүт мунньаҕар туһанабын. “Эһиэхэ, эдэр литераторга ананар”, “Уйулҕа”, “Билим”, “Уолан”, “Сээркээн сэһэн”, “Аһаҕастык кэпсэтиэх”, “Уоскулаҥ”, “Туох сонун, кэпсэтиэх”, “Эрчим”, “Иэйии”, “Дьиэтээҕи доҕор”, “Ойуур хаһыата”, “Норуоттар доҕордоһуулара”, ”Чаҕылыс”, “Уоскулаҥ”, “Килээҥсэ”, о.д.а. рубрикалар бука, барыбыт интэриэспитин тардыбыттара буолуо!
Оҕолорбутун, сиэннэрбитин “Кэскил” хаһыаты ааҕарга интэриэстэрин көбүтэн, хаһыат ыытар араас күрэхтэригэр, сорудахтарыгар кытыннаран, үгүс миэстэлэри ылан үөрэллэр, астыналлар. Бэйэлэрэ хоһоон, ыстатыйа суруйан холонон көрөллөр. Ол суруйуулара хаһыакка бэчээттэннэҕинэ, өссө олус долгутуулаах түгэҥҥэ куустараллар.
Тапталлаах “Кэскил” хаһыаппыт олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, өссө да үүнэ-сайда турдун!
Раиса Иосифовна СТРУЧКОВА, омук тылын учуутала, “Үөрэнээччилэр билиниилэрин ылбыт учуутал” анал бэлиэ хаһаайына, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах учуутала.
Сулҕаччы, Амма.