(Ааҕааччыларбытыгар, оскуола үөрэнээччилэригэр, аналлаах тургутук)
Күндү доҕорбут, өскөтүн эн биһиги таһаарыыларбытын сыныйан, болҕойон ааҕар эбит буолларгын, бу сорудахтарга улгумнук эппиэттиэҥ диэн эрэнэбит. Оттон сороҕун умнубут буоллаххына, хомойума, сурунаалларыҥ эйиэхэ көмө буолуохтара. Сөптөөх эппиэттэри ыам ыйын 15-16 күннэригэр 89841129951 нүөмэр ватсабыгар ыыппыт үс бастакы оҕо кыайыылаах буолуо, “Кэскил-Бэлэм буол” аатыттан бириискэ тиксиэ, атыттар туоһу сурук тутуохтара. Чэ, саҕалаатыбыт!
- “Дьол баар эбит…” диэн ким этиитэй?
А. Күннүк Уурастыырап.
Б. Амма Аччыгыйа.
В. Абаҕыыныскай.
- “Охсуо” оонньууну кимнээх толкуйдаан оҥорбуттарай?
А. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай орто оскуолата.
Б. Амма улууһун Бөтүн орто оскуолата.
В. Дьааҥы улууһун Боруулаах орто оскуолата.
- “Киэҥ көҕүстээх” диэн сомоҕо домох суолтата?
А. Көмүскүүр, харыстыыр.
Б. Улахан киһи.
В. Холку, кыыһырымтаҕайа суох.
- Айыыһыт ыйа диэн ханнык ыйый?
А. Бэс ыйа.
Б. Тохсунньу.
В. Муус устар.
- Харах гимнастиката күҥҥэ хаста оҥоһуллуон нааданый?
А. 1-2.
Б. 2-3.
В. 3-4
- “Ытааччы миэстэтиттэн хамсаабат. Элбэх куһу “бултуу” сатыахтаах…”. Ханнык оонньуу быраабылатай?
А. Охсуо.
Б. Кус тумсун ытыы.
В. Сибэккилээх хонуунан айан.
- Көхө тутааччылаах, бэчимэ тардааччылаах балыктааһын ханнык ньымата буоларый?
А. Муҥха.
Б. Куйуур.
В. Туу.
- Уус Алдан улууһун Бороҕон орто оскуолатын V кылааһын үөрэнээччитэ Айдын Босиков кинигэ закладкатын туохтан оҥорбутай?
А. Туостан.
Б. Мастан.
В. Сиэлтэн.
- “Сюзмультфильм” хас сыллаахха төрүттэммитэй?
А. 1952 с.
Б. 1923 с.
В. 1936 с.
- “Охсуо” оонньуу геройа Ньэлбэн Айыыһыт көрүҥэ.
А. Номоххо киирбит.
Б. Судургу.
В. Сэдэх.
- Күн ыйааһына Сиртэн хас төгүл үрдүгүй?
А. 200 тыһыынча.
Б. 250 тыһыынча.
В. 300 тыһыынча.
- “Үлэ диэн киһиэхэ бары өттүнэн үтүө дьайыылаах” диэн ким этиитэй?
А. Платон Ойуунускай.
Б. Максим Аммосов.
В. Алампа.
- “Бөртөлүөт” киинэ кырачаан геройа кимий?
А. Саша Петров.
Б. Саша Павлов.
В. Саша Попов.
- “Муус устар” бэстибээлгэ “Росмолодежь” гранын кимнээх ылбыттарай?
А. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэлэрэ.
Б. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлигилэрэ.
В. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлүлэрэ.
- Ханнык рубрика ойуута көстөрүй?
А. Сатабыл.
Б. СӨ 100 сыла.
В. Синема.
- Туйаарыма Куоҕа 3 уратыны бул.
А. Баттаҕар, маска, сонугар.
Б. Илин кэбиһэригэр, дьабакатыгар, ытарҕатыгар.
В. Чыычаахха, дьабакатыгар, ытарҕатыгар.
- “Уонча сылынан суотабай суох буолуон сөп” диэн кими кытта интервьюнуй?
А. Егор Васильев.
Б. Милана Лаптева.
В. Сайаана-Куо Комарова.
- “Кутуруга – уруула” диэн этии ханнык кыылга сыһыаннааҕый?
А. Кутуйах.
Б. Кырынаас.
В. Тииҥ.
- Ребус сөптөөх эппиэттэрэ ханныктарый?
А. Күөрэгэй, салапаан, сурук.
Б. Күөрчэх, саламаат, сугун.
В. Көбүөр, сакалаат, тугут.
- Бу ханнык нүөмэр бастакы сирэйэй?
А. Тохсунньу.
Б. Олунньу.
В. Кулун тутар.
Барытыгар эппиэттээтиҥ? Маладьыас! Бүгүн, ыам ыйын 15 күнүгэр, «Кэскил-Бэлэм буол» төрөөбүт күнэ, 86 сааһа. Билигин 2022 сыл иккис аҥаарыгар сурутуу бара турар. Бу аллараа баар кюар куодунан киирэн онлайн суруйтар.
Оҥордо Вера Петрова