Уһун кыһын уоҕа уҕараан, сандал саас барахсан бэйэтин биллэрдэ. Күн тыган чаҕылыйара, мутукча минньигэс сыта, көтөр саҥата барыта киһи эрэ таһырдьа күнү күннүктээн оонньуох курдук.
Биирдэ Ааныска аҕата уолугар Өлөксөөҥҥө:
– Балтыгын саанан ытарга үөрэтиэҥ этэ, кэлин оҕоҕор бэйэтигэр туһалаах буолуо, – диэтэ.
Сарсыныгар кыыс убайыныын, сыал ыта диэн оҥостон, тыа диэки бардылар. Саалара эргэ, биир уостаах. Убайа балтын хайдах кыҥыырга үөрэттэ, көрдөрдө уонна:
– Саа чыыбыһын тардаргар икки илиигин кытаанахтык тутаҕын. Оннук туппатаххына, санныгын өлөрүөххүн сөп, – диэн дьоһуннаахтык эттэ.
Кыысчаан убайа эппитин барытын толорон, сыалын кыҥаан баран, ытан саайда. Саа эстэр тыаһа өрө хабылла түстэ. Тыаһа, эчи, улаханы-ын!
Ааныска кулгааҕа чуҥкунаата, сүрэҕэ сэп-сэлибирэс, мэктиэтигэр, хараҕа хараҥаран ылла, кутталыттан сиргэ олоро түстэ.
Дьиэлэригэр тиийбиттэригэр аҕалара:
– Сааттан куттанар буоллаҕына, хантан сааһыт буолуон, ыл эрэ, оччотугар балтыгар туһахта иитэн биэр, – диэн уолугар сорудахтаата. Онтон ыла Ааныска убайа иитэн биэрбит туһахтарын бэйэтэ соҕотоҕун эрэ кэрийэн көрөр буолла.
Биир күн сылгы сиэлиттэн бэйэтэ хаппыт туһахтарын, отон уктаах сиргэ, кып-кыра харалдьыктар тахсыбыттарыгар, ииттэ. Киэһэ убайа бултаан кэлэн иһэн ону көрбүт эбит.
– Хайдах итинник сиргэ иитэҕин, көтөр тохтоон ааһар үһү дуо? – диэн сэмэлээтэ.
Ааныска ону билбэт этэ даҕаны, буруйдаммыт киһи быһыытынан, умса тутунна, тугу да саҥарбата, аныгыскыга атыннык иитиэм дии санаата. Ол курдук күн аайы туһахтарын баран көрөөхтүүр даҕаны, туох да суох буолар.
Бу сарсыарда уһуктаат, туһахтарын көрө барыахтааҕын, ол быыһыгар: “Эмиэ туох да суоҕа буолуо дуу?” – дии санаата.
Саас салаллан кэлбитэ наһаа да үчүгэй! Сыттыын кытта минньигэс! Айылҕа уһуктар кэрэ кэмигэр киһи үөрэ эрэ сылдьар!
Ааныска туран, оронун хомуйа оҕуста, сирэйин, илиитин суунна. Сүр тиэтэлинэн аһаабыта буолаат, таһырдьа ыстанна.
Бастакы туһаҕа эмиэ тыытыллыбатах. Иккиһигэр тиийбитэ, биллэн турар, кураанах. Ааныска сыыр сирэйигэр үүммүт ньургуһуннары, саҥардыы тыллан эрэр мутукчаны одуулуу-одуулуу, үһүс туһаҕар тиийбитэ, арай, ыраахтан туох эрэ харааран сытарга дылы. Кыыс сүрэҕэ мөҕүл-мөҕүл гынна, көрбүтүн итэҕэйбэтэ. Ама дуу, арааһа, туох эрэ иҥнибит быһыылаах. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр сүүрэн тиийбитэ, сүүнэ улахан хара улар иҥнибит! Оо, бу кини бастакы булда! Ким да көмөлөспөтөх, бэйэтэ эрэ ииппит туһаҕар иҥнибит! Ааныска сүргэтэ өрө көтөҕүллэн, сири билбэт буолуор диэри үөрдэ, санаата бөҕөргөөтө.
Туһаҕын иитэн баран, атыттарын сыыһа-халты көрөөт, уларын моонньутуттан туппутунан, дьонун кытта үөрүүтүн үллэстээри, улахан ыксалынан дьиэтигэр тэбиннэ. Ааны арыйа баттаат:
– Ийээ, көрүүй! – диэтэ уонна булдун утары уунна.
Ийэтэ барахсан кыыһынааҕар ордук үөрдэ, сүүһүттэн сыллаан ылла. Аны, дьэ, убайыгар кэпсии охсоору кинини кэтэстэ. Саатар, кэтэстэххэ, эчи, бириэмэ барара бытаанын.
Киэһэ убайа Өлөксөөнү аан айаҕар тоһуйда:
– Убаай, көрүүй, туһахпар улар иҥнибит!
Онуоха анарааҥҥыта айахха бэрдэрэн, балта бөдөҥ улары бултаабытын соһуйа көрдө уонна төбөтүттэн имэрийэ-имэрийэ:
– Маладьыас! Улар харалдьык саҥа тахсыбытыгар аһаары түстэҕэ. Онно сөпкө ииппит эбиккин, – диэн хайҕаата.
Онтон ыла Аанчык саас, сайын, кыһын курупааскыга туһахтыыр буолбута. Байанай барахсан киниэхэ үгүстүк тосхойон, дьонун элбэхтик үөрдүбүтэ, айылҕаҕа сылдьарга, сиэри-туому тутуһарга үөрэммитэ.
Булт киһини мындыр, сытыы өйдөөх, булугас-талыгас буоларга иитэр-үөрэтэр, сатабыллаах оҥорор.
Таисия УШАТОВА.
Дьокуускай.