Ахсынньы 17 күнүгэр М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын «Кѳмүс бѳрүѳ» пресс –киинэ 2001 сылтан тэриллибитэ 20 сылын бэлиэтээтэ.
Биһиги «Көмүс бөрүө» кииммит оскуола олоҕун сырдатар, көмпүүтэринэн таҥыллар «ОХ» (оскуола хаһыата) хаhыаты таhаарбыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи Кэскил» оҕо хаһыатын кытта үлэлэспитэ 20 сыл буолла. Пресс-киин солбуллубат салайааччытынан «За воспитание любви к профессии журналиста» бэлиэ уонна «Кэскил» хаһыат Бочуоттаах редактора Н.И.Протопопова аатынан бириэмийэ лауреата, улуустааҕы «Кэскил рекорда» куонкуруска «Саамай ѳр кэмҥэ эдкорпоhу салайбыт» номинация кыайыылааҕа, үрдүкү категориялаах алын кылаас учуутала Тарасова Людмила Сергеевна үлэлиир.
Эдэр кэрэспэдьиэннэр араас күрэхтэргэ, куоталаһыыларга, сүлүѳттэргэ, тэрээhиннэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ Бүлүүгэ, Υѳһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Горнайга, Дьокуускайга тиийэн миэстэлэһэн, ситиһиилээхтик кытталлара. 20 сыл устата 50-тан тахса эдэр кэрэспэдьиэн «Кѳмүс бѳрүѳҕэ» уhуйуллан тахсан, билигин араас идэлээх үлэhиттэр, урут пресс-кииҥҥэ үлэлээбиттэрин ахтан- санаан, махтанан видеонан эҕэрдэлэрин ыытан салайааччыларын үѳрдэн долгуттулар.
«Кэскили» кытта үлэлээбит эдкор оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи лааҕырдарга, Россиятааҕы “Океан” лааҕырга, норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэргэ кытта тиийэ сылдьыбыттара, үѳрэммиттэрэ. 2013 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ таһымыгар “Бэргэн” агентство куонкурустарыгар кыттан, элбэх ситиһиилэнэн, “Бастыҥ юнкорпост – 2013” буолбуппут.
20 сыллаах отчуоттур үлэ чэрчитинэн кылаастарынан «Кылаас олоҕо» диэн компүүтэринэн хаhыат таhаарыытын күрэҕэ 5– 8, 9 –11 кылаастарынан арахсан буолла. Кылаастар 4 сирэйдээх хаhыакка бэйэлэрин тустарынан, кылаас талааннаах оҕолорун, үгэс буолбут тэрээhиннэрин туhунан, оскуола олоҕун тиэмэтигэр интервью суруйан, хаартыскаҕа түһэрэн сырдаттылар. Бары да бэрт интэриэhинэй матырыйааллары хомуйбуттарын түмүгэр кыайыылаахтары быһаарыы маннык буолла:
1 миэстэ—7 кылаас (салайааччы Иванова С.П.) уонна 11 кылаас (салайааччы Николаева С.Н.)
2 миэстэ—8 кылаас (салайааччы Платонова С.С.) уонна 10 кылаас (салайааччы Иванова М.К.)
3 миэстэ—5 кылаас (салайааччы Макарова Ю.Н.), 6 кылаас (салайааччы Афанасьева М.И.) уонна 9 кылаас (салайааччы Алексеев П.А.).
Эдэр кэрэспэдьиэн кыргыттарга анаан «Эдэр суруналыыс» диэн куонкурус ыытылынна. Хас биирдии суруналыыс, суруйааччы, айааччы киһи туохха эрэ дьоҕурдаах буолар. Киһи кыаҕа, айар дьоҕура муҥура суох диэн этэллэр. Оҕо айар дьоҕура арылыннаҕына, билэ-көрө сатыыра, литератураҕа, уус-уран тылга умсугуйуута күүһүрэр.
Куонкурус түһүмэхтэрэ:
- Визитка.
- Суруналыыстыка тиэмэтигэр ыйытыыларга эппиэттээhин.
- Дьиэтээҕи сорудах: хаартыскаҕа түһэрии: макросъемка, дэриэбинэ кыһыҥҥы кѳстүүтэ, «Кэскил» хаhыат рекламата.
- Суруналыыс туттар матырыйаалларыттан авангард муода.
- «Стильный журналист» дьыалабыай таҥас муодатын көрдөрүү.
Бу куонкурсу кыттаааччылар видеоролигынан уонна эдэр кэрэспэдьиэн оҕолор флешмобунан саҕалаатылар. Түһүмэхтэр быыстарыгар 2-3 кылаастар хордара, 4 кылаастар попурри ырыалара, «Арылхан» уолаттар, «Дьүрүскэн» фольклорнай ансаамбыллара кыттыыны ыллылар, урукку кэмнээҕи видеону кѳрдөрдүлэр.
Кыттааччылар бары бэлэмнээхтэрин кѳрдѳрдүлэр, бырааhынньыгы киэргэтэн, тупсаран биэрдилэр. Биэс түһүмэхтээх куонкурус түмүгүнэн «Юный журналист—2021» бастыҥ ааты Никитина Лена (9 кылаас) ылла. Кыттааччыларга барыларыгар номинация туттарылынна: «Талант и оптимизм» Николаева Чэмэлинэ (9 кылаас), «Творческая фантазия» Борисова Күннэй (10 кылаас), «Журналистскаа надежда» Степанова Анастасия (9 кылаас), «Креативность и мастерство» Антонова Наташа (9 кылаас).
Нэhилиэк баhылыга Николаев Егор Афанасьевич эдэр кэрэспэдьиэннэри, учууталлары эҕэрдэлээн, Алина Семеновнаҕа, Людмила Сергеевнаҕа грамота, cувенир туттарда. Оскуолабыт дириэктэрэ Макаров Виталий Владиславович пресс-кииҥҥэ анаан ноутбук, өҥнөөх принтер бэлэх уунан, эдэр кэрэспэдьиэннэргэ улахан үѳрүү буолла.
Yбүлүѳйдээх бэлиэ тэрээhини Винокурова Алина Семеновна салайааччылаах медиацентр бырайыак кыттыылаахтара Тарасова Л.С., Никифорова У.Н., Макарова Ю.Н., Жиркова И.Н., Андреева Д.Н., Платонова С.С., Николаева С.Н.тэрийдилэр.
Оскуолабыт дириэктэрэ Виталий Владиславович үп өттүнэн өйөөн, учууталлар Константинова Л.М., Таскина Т.К.тэрээhини киэргэтэн , Кириллина М.Е., Оленова С.Д., Афанасьева М.И.музыкальнай нүѳмэрдэри бэлэмнээн, Алексеев П.А., Платонов Семен хаартыскаҕа, видеоҕа устан көмөлөспүттэрин иһин махталбытын тиэрдэбит.
Бырааhынныктааҕы күммүтүгэр күүс- кѳмѳ, тирэх буолбут уонна кѳхтѳѳхтүк тэрийсибит оҕолорго, учууталларбытыгар чэгиэн доруобуйаны, олоххутугар ситиhиилэри баҕарабыт.
Людмила Тарасова, “Кѳмүс бѳрүѳ” пресс-киин салайааччыта.
М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолата. Бүлүү, Илбэҥэ с.