Биһиги, «Сардаҥа» медиа-киин эдэр кэрэспэндьиннэрэ, сэтинньи 24 күнүгэр Уус Амма нэһилиэгин (Чымынаайы бөһүөлэгин) баһылыгын Егор Владимирович Васильевы кытта көрсөн кэпсэттибит.
— Биһиги нэһилиэкпитигэр демография хайдаҕый? Эдэр ыал ахсаана төһө эбилиннэ?
— Нэһилиэкпитигэр элбэх эдэр ыал олохсуйан олорор, үксүлэрэ элбэх оҕолоохтор. Ол эрээри бүтэһик кэмҥэ ыччаттарбыт куоракка олохсуйар буоллулар. Билигин нэһилиэккэ 17 элбэх оҕолоох эдэр ыал баар.
— Таһырдьа номнуо тымныйда, ОДьКХ чоҕунан хааччыллыыта хайдаҕый?
— Билиҥҥи туругунан нэһилиэккэ сорох ыал ититэр ситимҥэ холбонон олорор. Нэһилиэкпит ОДьКХ маастара Алексей Михайлович Григорьев түмсүүлээхтик үлэлээн, баар икки хочуолунайтан уһуйаан хочуолунайыгар саҥа оһох туруоран күүһүрдэн биэрдилэр. Сайаапка быһыытынан үлэлии олороллор, үөһээттэн ОДьКХ чоҕу тиэйэн аҕалан биэрэр. Быһа холоон саппаастара 10 хонукка тиийэр. Билиҥҥи уустук кэмҥэ «Төлөн» акционернай тэриллии төһө да ыарахаттар баалларын иһин өйүү, чоҕунан хааччыйа олороругар түгэнинэн туһанан улахан махталбытын биллэрэбит. Чох кэмигэр кэлэ турар. Кыстыгы этэҥҥэ туоруохпут диэн бигэ эрэллээхпит.
— Биһиги нэһилиэкпитигэр дьиэ-уот туттуутун туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Билэргит курдук, Чымынаайы ууга барар бөһүөлэк. Федеральнай сокуоннарынан манна социальнай эбийиэк тутуллара бобуллан турбута. Кэнники сылларга хамсаан, бырайыак оҥоһуутугар үлэлээбиппит. Бөһүөлэк илин өттүгэр хочуолунай бырайыагын оҥорон бүтэрбиппит эрээри, билигин экономическай балаһыанньа уустугунан ыарахаттардаах. Саҥа 60 миэстэлээх оскуола дьиэтин бырайыага оҥоһуллубута, билигин экспертизаны ааһа сылдьар. Бырайыакка киирбит бэлиэтээһиннэри көннөрүүгэ үлэ бара турар. Төһө кыалларынан оскуолабыт тутуллуо диэн баҕа санаалаахпыт.
— Кэлэр 2027 сылга туох былаан баарый?
— Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр (ППМИ) бырагырааматыгар сыл аайы киирэммит, урукку өттүгэр бөһүөлэк арҕаа өттүгэр, онтон кэнники 3 сылга дьон олорор усулуобуйатын тупсарар сыаллаах уулусса уотун оҥорууга харчы көрүллэн үлэлээбиппит. Уонна быйыл граҥҥа кыттан, нэһилиэкпитигэр улуустааҕы «Эр хоһуун» диэн национальнай многоборье күрэхтэһиитин ыытан турабыт. Кэлэр сылга хаалбыт биир учаастакпытыгар Кытыл түөлбэҕэ бырайыак оҥоһулла сылдьар. Онно баһылык солбуйааччыта Гаврил Анатольевич Нестерев бырайыагы олус үчүгэйдик оҥорон туттарда. Билигин түмүк тахсарын күүтэбит. Чааһынай дьиэ тутуутугар нэһилиэнньэ кыахтаахтык ылсан үлэлии сылдьар. Ол курдук, бу биэс сыл устата сыл аайы 6–7 дьиэ үлэҕэ киирдэ. Быйыл 5 дьиэ үлэҕэ киирбитэ, онтон эһиил 7 саҥа дьиэ тутуллара былааннанар.
— Кэпсэтииҥ иһин махтал!

Агата Колодезникова, Айгылаана Нестерева,
IX кылаас, Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымнаайы орто оскуолата, Таатта
