Сэтинньи ый 20 күнүгэр А.В. Чугунова аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар остуоруйа матыыптаах «Сказка-остуоруйа» үҥкүү күрэҕэ ыытыллынна.

Тэрээһини сылын ахсын оскуолабыт «Тэлээрис» үҥкүү бөлөҕүн салайааччыта, хореограба Мария Дмитриевна Куприянова тэрийэн ыытар. Быйылгы күрэс «Кэрэли» улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһинин киинэ тэриллибитэ 25 сылыгар ананна.

Бу күн Хорообуттааҕы кустовой методическай холбоһук эбии үөрэхтээһинин быыстапката, оҕолор, эбии үөрэхтээһин педагогтарын үлэлэрэ, айар талааннаах коллективтар ситиһиилэрэ дьон көрүүтүгэр турдулар.



Тэрээһин үөрүүлээх чааһын оскуолабыт дириэктэрэ Кирилл Дмитриевич Титов, эбии үөрэхтээһин педагогтара Любовь Анатольевна Жиркова, Евдокия Михайловна Никифорова уонна Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов аатынан Баатара орто оскуолатын «Күнчээн» үҥкүү кэлэктиибэ эҕэрдэ тылларынан, үҥкүүлэринэн арыйдылар.


Быйыл Мэлдьэхси оскуолатын аҕыс кылааһа күрэххэ кыттыыны ылла. Уопсайа 7 нүөмэри дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.
Ол курдук,
3 истиэпэннээх дипломант — 5-6 кылаас кэлэктиибэ «12 танцующих принцесс»;
2 истиэпэннээх дипломант — 10 кылаас «Репка»;
1 истиэпэннээх дипломант — 7 кылаас «Три поросенка»;
3 истиэпэннээх лауреат — 2 кылаас «Русалочка»;
2 истиэпэннээх лауреат — 4 кылаас «Маша и Медведь», 1 истиэпэннээх лауреат — 1 кылаас «Кошкин дом»;
ГРАН-ПРИ — 3 кылаас «Два гуся и зернышко» үҥкүү туруоран 10 тыһыынча уу харчынан бириис туттулар.
Үҥкүү кэрэ эйгэтигэр угуттаан, остуоруйа алыптаах дойдутун көрөн-истэн, ыалдьыттарбыт сынньанан тарҕастылар. Убаастабыллаах көрөөччүлэр, кыттаачылар, дьүүллүүр сүбэ бу остуоруйа алыптаах дойдутугар ыалдьыттаабыккытыгар улахан махтал
Виолетта Андросова, Х кылаас,
«Үктэл» медиа-киин, А.В. Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолата
