Сэтинньи 19 күнүгэр Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатыгар Анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Анатолий Андреевич Аммосовтыын 6–11 кылаас уолаттарыгар аналлаах «Эр санаа уруога» истиҥ көрсүһүү ыытылынна. Көрсүһүүгэ эр киһи майгытын-сигилитин, үөрэххэ дьулуһуу уонна дойдуга таптал суолтатын тустарынан сырдатылынна.
Аһаҕас уонна истиҥ кэпсэтии кэмигэр Анатолий Андреевич уолаттарга дьиҥнээх эр киһи майгытын-сигилитин, олоххо көрүүтүн туһунан дириҥ ис хоһоонноохтук кэпсээтэ. Кини эр киһи хас биирдии хардыытыгар бэрээдэктээх, бэйэтин кыанар, тутта-хапта сылдьыыта чэбдик уонна боччумнаах буолуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Маны тэҥэ, билиҥҥи кэмҥэ саамай сүрүн сорук — үөрэххэ дьулуһуу, билиини хаҥатыы буоларын туһунан эттэ:
«Билигин эһиэхэ үөрэх саамай наадалаах кэмэ кэллэ, онон бириэмэни туһалаахтык атаарыҥ, билиигэ тардыһыҥ», — диэн сүбэлээтэ.
Көрсүһүү иккис чааһыгар уолаттар ыалдьыкка бэйэлэрин долгутар ыйытыыларын биэрдилэр. Анатолий Андреевич хас биирдии ыйытыыга олоххо буолбут түгэннэргэ олоҕуран, толору уонна аһаҕас хоруйдары биэрдэ.
Кэпсэтии түмүгэр ыалдьыппыт эдэр көлүөнэҕэ үтүө баҕа санаатын тиэртэ — чэгиэн-чэбдик буоларга, төрөөбүт дойдуну таптыырга, дьоҥҥо-сэргэҕэ куруук көмөлөһөргө уонна эрэллээх доҕор буоларга ыҥырда. Бу көрсүһүү уолаттар өйдөрүгэр-санааларыгар дириҥ суолу хаалларда уонна инники олохторугар үтүө холобур буолла.
Биһиги хорсун ыалдьыппытыгар үөрэтэр оҕолорбутугар кэлэн ыалдьыт буолбуккар улахан махталбытын биллэрэбит. Дьонуҥ-сэргэҥ көрөр-истэр оҕолоруҥ дьоллоох доруобай буоллуннар. Бэйэҕэр кытаанах доруобуйаны, үлэҕэр-хамнаскар үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

Кэскил14.ру
Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолата
