Сэтинньи 29 кунугэр, С.А.Новгородов аатын үрдүктүк сүгэр Чурапчы орто оскуолатыгар «Мин-Олоҥхо дойдутун оҕотобун» диэн оскуола иһинэн күрэх ыытылынна, кыттааччыларбыт олоҥхо персонааһын толору арыйар араас көстүүмнэри кэтэн дефиле быһыытынан хааман көрдөрдүлэр.

2005 с. олоҥхо ЮНЕСКО киhи аймах тыл баайын-дуолун Аан дойдутааҕы тиhигигэр киирбитэ. Оччотооҕу бэрэсидьиэммит Вячеслав Анатольевич Штыров уурааҕынан сэтинньи ый 25 күнэ «Олоҥхо күнэ” буоларын эппитэ. Онтон ыла сыл ахсын Саха сирэ бүттүүн үрдүк таһымҥа бэлиэтиир.
Олоҥхо — саха уус-уран айымньыта. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит. Олоҥхоhуттар араас айымньылары холбоон уhун олоҥхолору айаллара. Үгүс олоҥхо 10–15 тыh. хоhоон устуруокаларыттан турар эбит. Хас биирдии кэпсэнэр герой туспа куолаhынан ылланар. Сорох олоҥхолор хас да күн ылланаллара үһү. Ордук биллиилээх олоҥхо буолар «Дьурулуйар Ньургун Боотур».

Былыргы хараҥа кэмнэргэ олох үчүгэйдик этэр, тыынар олоҥхоһут ыҥырыыга сылдьар буолара, хас да күннээх түүн көмүлүөк оһох сырдыгар этэн тыынан бардахтарына олох бухатыырдар, абааһылар илэ киирэн охсуһарга дылылара. Дьиэлээхтэр уонна ыаллыы олорор алаастартан үмүөрүһэн болҕойон олорон истэллэрэ уонна “Нооо…» диэн күөттээн биэрэллэрэ.
Кылаас аайыттан кырата 5 үөрэнээччи кыттара көҥүллэнэр этэ, уопсайа бастакыттан уон биирис кылааска диэри кыттыыны ыллылар. Оҕолор үчүгэйдик бэлэмнэмиттэрэ көстөр
Үөрэнээччилэр кылаас салайааччыларын кытары бу дириҥ ис хоһоонноох айымньылары үөрэтэн, араас көстүүмнэри кэтэн сыанаҕа тахсан кэрэ Куолары, ону таһынан арбайбыт абааһылар оруолларын олус итэҕэтиилээхтик оонньоон көрдөрдүлэр.
Үрдүк сыанаҕа туттан хаптан тахсан, оруолларыгар киирэн этэн-тыынан бардахтарына кырдьык улахан биллиилээх артыыстар тахсан оонньуу сылдьарын курдук көстөр.
Бастакы олоҥхо 1844 сыллаахха суруллубута, А. Ф. Миддендорф латыыныскай буукубаларынан суруйан хаалларбыта биллэр.
Онтон Былатыан Ойуунускай 1930-ус сыллар саҥаларыгар «Дьулуруйар Ньургун Боотур” айымньыта бэчээттэнэн тахсар.
Үөрэнээччилэргэ баҕарыа этибит, сыанаҕа оонньуур дьоҕурдарын хаалларбакка, өссө да тупса, үүнэ-сайда туралларыгар.
Макарова Арианна, 11 кылаас үөрэнээччитэ, С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата
