Бүгүн Ньурба улууһун С.П. Алексеев-Боһуут аатынан Чаппанда орто оскуолатыгар 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрүччү» научнай-практическай конференция буола турар.
Оҕолор хос эһэлэрин, эбэлэрин олохторун-дьаһахтарын, дьарыктарын, төрүччүлэрин чинчийбиттэрин, ханнык ньыманы туттубуттарын сиһилии кэпсииллэр. Инникитин эбии билэр-көрөр баҕалаахтарын эттилэр. Араас интэриэһинэй, ураты дакылааттары иһиттим.
Мин оскуола директорыгар Юрий Валерьевич Алексеевка аҕыйах ыйытыылары биэрдим.
Кини маннык эппиэттээтэ:«Чаппанда — тоҥус тыла. Тылбааһа «тииҥ уйата» диэн суолталаах. Бу олорор нэһилиэкпит сирэ барыта тииҥ уйата диэн буолар. Чаппандаҕа 800-чэкэ киһи олорор.
Биһиги оскуола-сад бырайыагынан үлэлии олоробут. 82 үөрэнээччи, 48 уһуйаан оҕото баар. Биһиги ньурбалар Ньырбакаантан төрүттээхпит. Ньырбакаан Туймаада баһылыгын Мунньан Дархан кыыһа. Ньырбакаантан Ырыа Быркынаа төрүүр. Киниттэн Омоллоон. Омоллоон уолаттардаах. Тыалыкыттан Антоновка дэриэбинэтэ, Таркаайыттан Марха нэһилиэгэ төрүттэммит. Олус наадалаах конференцияны «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата уонна хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр научнай институт биһиги оскуолабытыгар ыыта турар. Конференция оҕо бэйэтин төрүччүтүн билэ улаатыахтаах, тирэхтээх буолуохтаах диэн санаанан салайтарар. Манна кэлэн элбэх билиини-көрүүнү ылбытыҥ буолуо. Эн эмиэ кэриэй аймахтаргын билис, үөрэт». Юрий Валерьевич мин «Оҕуруоччут кэриэй хос эһэм» диэн үлэбин көмүскүүрбүн истибит эбит. Кыттааччыларга ситиһиини!
Игорь Ан,
VI кылаас,
«Эрчим» медиа-киин,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү