Бу күннэргэ оскуолабыт иһинэн дириҥ суолталаах тэрээһиннэр буолан аастылар.
Бастатан туран киэн туттар киһибит, поэт, тылбаасчыт, саха норуотун биир чулуу государственнай-политическай деятелэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн Государственнай Мунньаҕын бастакы бэрэссэдээтэлэ, оскуолабыт аатын сүгэр Афанасий Петрович Илларионов төрөөбүтэ 82 сылыгар аналлаах торжественнай линейка буолан ааста. Оскуолабыт «Уолан ааҕыылара» бөлөх иитиллээччилэрэ Афанасий Петрович Илларионов олоҕуттан, айан хаалларбыт хоһоонноруттан литературнай дьүһүйүүнү ааҕан иһитиннэрдилэр.
Хайахсыт нэһилиэгин баһылыга Тарас Лукич Тарасов, Хайахсыт орто оскуолатын дириэктэрэ Аида Алексеевна Томская, Афанасий Петрович Илларионов кийиитэ, оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Матрена Николаевна Илларионова ахтыы тылларын анаатылар. Бу күн кылаас салайааччылара А.П. Илларионов оҕолорго олоҕун, үлэтин сырдатар кылаас-чаастарын ыыттылар.
Афанасий Петрович дойдутун, нэһилиэгин түһугар оҥорбут үтүөтэ умнуллубакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн ахтылла туруо диэн эрэллээхпит.
Салгыы оскуолабытыгар нэдиэлэ устата ыытыллыбыт алын кылаастар методическай холбоһугун нэдиэлэтин түмүктүүр тэрээһинэ – «Алын кылааска сүрэхтэнии» буолла. Биһиги, XI кылаас үөрэнээччилэрэ «Игра по станциям» тэрийэн ыыттыбыт. Оскуола үөрэнээччитин аатын сүкпүт бастакы кылаастарга оонньуу нөҥүө оскуолаҕа бэрэдэктээхтик сылдьыы туһунан, үөрэнээччи быраабылатын билиһиннэрдибит.
Бу кырачааннары көрөн туран «11 сыл аннараа өттүгэр биһиги эмиэ маннык этибит дуо» дии санаан, бириэмэ түргэниттэн уйадыйан ыллым.
Вадим КОЛЕСОВ, XI кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы