Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытылла турар Өрөспүүбүлүкэтээҕи XX педагогическай дьаарбаҥка биир саамай элбэх кыттааччылаах түһүлгэтэ — «Ийэ тыл — оҕо, төрөппүт, иитээччи, учуутал».
Бу түһүлгэ кэрэхсэбиллээх өрүтэ — дьиэ кэргэнинэн, төрөппүт кэмитиэттэрэ кэлэн кытта сылдьаллар. Билиҥҥи кэмҥэ үгүс оҕо ыраастык сахалыы саҥарара олус аҕыйаата. Нууччалыы, омуктуу тыллары кыбытан саҥарар көстүү кими да соһуппат кэриэтэ буолла. Ол эрээри ыһыктынан кэбиспэккэ, оҕо төрөөбүт тылын билэрин, сахалыы ыраастык саҥарарын ситиһэри, төрүт өйү-санааны иҥэринэр үөрүйэҕин сайыннарар сатабыллары кэпсэтиһэр түһүлгэ дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла.
Оскуолалар, уһуйааннар төрөппүттэрин кэмитиэтэ, дьиэ кэргэттэр оҕолору сахалыы саҥардары хайдах ситиһэллэрин, онно туох-үлэ хамнас ыыталларын сырдаттылар.
Любовь Васильевна Власьева, Хаҕын орто оскуолата, Бүлүү улууһа:
-Биһиги төрөппүт кэмитиэтэ буолан өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа кытта кэллибит. Бары элбэх оҕолоох ыал ийэлэрэбит, учууталларбыт, иитээччилэрбит. Төрөөбүт тылбыт туһугар дууһабытынан ыалдьабыт, туох кыалларынан, саха тыла сайдарын туһугар үлэ-хамнас ыыта сатыыбыт. Биһиги улуус кииниттэн тэйиччи сытар, саамай уһук нэһилиэкпит. Суотабай төлөпүөн сибээһэ киирбитэ 3 сыл эрэ буолла. Ол да буоллар, нууччалыы кыбытан эбэтэр отой нууччалыы эрэ саҥарар оҕо элбээн иһэр. Бу маны биһиги, төрөппүттэр, көрөн олорон хаалбакка оҕолорбут ийэ тылларын хайаан да билиэхтээхтэр диэн санааттан «Дьиэ кэргэн — ийэ тыл биһигэ» бырайыагы толкуйдаабыппыт. Төрөөбүт тыл төрүт үгэһи кытта, оттон үгэс дьарыгы кытта быһаччы ситимнээх. Онон оҕолорго элбэхтик саха төрүт дьарыгын туһунан кэпсээн, үлэҕэ, дьарыкка сыһыаран, онно туттуллар термин тыллары быһааран, тыл баайын, лексикатын хаҥатабыт. Ол курдук бырайыакпытын 7 салааҕа арааран, сыл устата ол тула үлэ барар: олох-дьаһах үгэстэрэ, итэҕэл үгэстэрэ, саха оонньуута, норуот айымньыта, оҕону иитии үгэстэрэ, уруу-аймах үгэстэрэ, аныгы олох ийэ тылы харыстыыр, сайыннарар хайысхалара. Холобура, оҕолор муҥхаҕа төрөппүттэрин, учууталларын кытта сылдьан, онно туттуллар тэриллэр тустарынан билэллэр. Нэһилиэкпит, улууспут биллэр дьонун туһунан сырдатан, ол киһи, кини идэтин туһунан сахалыы санаа атастаһабыт.
Оҕо төрөөбүт тылынан саҥарарыгар төрөппүт оруола улахан. Оҕоҕутун кытта мэлдьи кэпсэтиҥ, кини санаатын истиҥ, төрүт дьарыкка, үлэҕэ сыһыаран, сахалыы тобуллаҕас толкуйдаах киһи киһитин иитэн таһаарыҥ диэн сүбэбитин, баҕа санаабытын этэбит.
Мария Иванова
keskil14.ru