Ийэм Вера Анатольевна сыл аайы саас эрдэттэн биһигини, дьиэ кэргэнин, сибиэһэй оҕуруот аһынан аһатар. Быйыл эмиэ тохсунньу ыйга түннүккэ оҕурсу олордубута. Күн аайы уу кутан, бүөбэйдээбитэ. Биһиги оҕолор эмиэ көмөлөспүппүт. Бастакы оҕурсубутун муус устарга амсайбыппыт.
Күөх сайыны санатар сыттаах, сип-сибиэһэй амтаннаах оҕурсуну бүгүн, Ньукуолун күнүгэр, эмиэ остуолбутугар уурдубут. Ийэбит биһиэхэ оҕуруот аһа битэмииннээҕин, доруобуйаҕа туһалааҕын туһунан куруук кэпсиир.
Сёма Тобохов, III кылаас,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү